Сэрии саҕаланыан иннинэ Үөһээ Бүлүү оройуонун Өргүөт нэһилиэгэр Бэрэ диэн алааска Даамай Сэмэн уола Арамаан Захаров дьадаҥы дьиэ кэргэнэ олорбута. Биир ийэттэн аҕаттан түөрт уол, икки кыыс төрөөннөр, барыта алта буолан киһи-хара буолбуттара. Кинилэр Тойоку начальнай оскуолатыгар, кэлин 7 кылаастаммыта, утуу-субуу үөрэммиттэрэ. Оччотооҕу ыаллар ыраах-ыраах ыһыллан олорор буоланнар, 6-7 км. ыраах сиртэн сүүрэн-көтөн сатыы сылдьан, тоҥон-хатан үөрэммиттэр.
Иэдээннээх аас-туор сыллар саҕаламмыттар, эбии сэллик ыарыыта сабардаан, нэһилиэккэ элбэх киһи суорума суолламмыт. Бу ыарыы Арамаан оҕонньордооҕу тумнубатаҕа. Бастаан ийэлэрэ Ылдьаана өлөөхтөөбүт, онтон аҕыйах сыл буолан баран, биир кыыс өлөр. Тулаайах аҥардаах хаалбыт бырааттарын атахтарыгар туруораары, улахан уол Калинник саҥа тэриллибит «Кэскил киинэ» колхозка 1932 сыллаахха чилиэнинэн киирэн, колхоз бөҕөргүүрүгэр бэйэтин кылаатын киллэрсибитэ. 1936-1940 сылларга Өргүөт сельпотугар соҕотуопкаҕа солб. председателинэн үлэлээбитэ, онтон Совет секретарынан үлэлии олордоҕуна Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии саҕаламмыта.
Ийэ дойдуларын фашисткай Германияттан көмүскүү Өргүөт нэһилиэгин чулуу уолаттара Кыһыл армия кэккэтигэр ыҥырыллан, фроҥҥа барбыттара. Ол да буоллар нэһилиэккэ үлэ-хамнас мөлтөөбөтөҕө «Барыта фроҥҥа!», «Барыта Кыайыы иһин!» диэн патриотическай өйүнэн-санаанан салайтаран турар-турбат, оҕо-дьахтар, оҕонньор-эмээхсин күүстээх үлэҕэ туруммуттара. 1941 сыл балаҕан ыйыгар Арамаан оҕонньор улахан уола Калинник Романович, 1915 сыл төрүөх, сэриигэ аттаммыта.


Иркутскай куорат таьыгар «Мальтаҕа» үөрэнэн баран, 1942 сыл тохсунньу ый бүтүүтэ Ураллааҕы байыаннай уокуруктан Хотугулуу-арҕааҥҥы фроҥҥа 346-с стрелковай полкаҕа ыыппыттара. Москва анныгар, Калининскай уобалас Ржев куорат таһыгар хас да күннээх кырыктаах кыргыһыыга кыттыбыта. 1942 сыл олунньу 10 күнэ буолар түүнүнээҕи кыргыһыыга уҥа саннын лаппаакытыгар улаханнык бааһыран фронтан туораабыта. Итинтэн салгыы Уралга Чкалов аатынан куоракка икки аҥар ый госпиталга сытан эмтэммитэ. Ол кэннэ 1-группалаах инвалид буолан армияттан босхолонон, 1942 сыл ыам ыйыгар дойдутугар – төрөөбүт-үөскээбит Өргүөтүгэр эргиллэн кэлбитэ. Арамаан оҕонньор улахан уолун тыыннаах көрсүбүтэ. Калинник Романович армияттан кэлбит күнүттэн ыла нэһилиэгэр, колхоһугар салайар, тэрийэр араас үлэҕэ күүһүн харыстаабакка һлэлээбитэ.
Ол курдук колхозка балыктааһыны тэрийэн, элбэх балыгы бултаан, Өлүөхүмэ куоратыгар тиэйэн илдьэн атыылаан уонна көмүстээх Алдаҥҥа сылгыны тыыннаахтыы үүрэн илдьэн – 25 сылгыны атыылаан, колхозка элбэх сууммалаах үбү-харчыны киллэриигэ улахан көмөнү оҥорбута.
Калинник Романович 1961 сылтан ыла эргиэн систематыгар үлэлээбитэ. 1961-67 сылларга Өргүөт сельпотугар склад сэбиэдиссэйинэн үлэлиир. Итинтэн салгыы пенсияҕа тахсыар диэри эргиэн араас систематыгар күүһүн харыстаабакка ситиһиилээхтик үлэлээн, оройуоҥҥа кооперация сайдыытыгар бэйэтин кылаатын киллэрсибитэ.
Калинник Романович ааспыт араас суол эппиэттээх үлэтигэр-хамнаһыгар киһи уонна коммунист быһыытынан эҥкилэ суох олоҕу олорон ааста. Кырдьаҕас коммунист быһыытынан итэҕэстэргэ эйэлэспэт, ирдэбиллээх принципиальнай үлэһит уонна үтүө сүбэһит быһыытынан коллективка улахан авторитетынан туһанара.
Калинник Романович олоҕун аргыһынаан Туобуйа нэһилиэгиттэн төрүттээх Кузьмина Акулина Герасимовналыын 59 сыл бииргэ олорбут уһун дьоллоох олохторугар: алта оҕону төрөтөн, ураты болҕомтолорун ууран үрдүк, орто анал үөрэхтээх үлэһит дьон оҥортоон, 12 сиэннэнэн, 18 хос сиэннэнэн, 4 хос-хос сиэннэнэн тапталлаах ийээ-аҕаа, эһээ-эбээ дэппиттэрэ.
Калинник Романович – сэрии, үлэ ветерана ылбыт наҕараадалара: « Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии 1 степенннээх» ордена, «Хорсунун иһин», «Германияны кыайыы иһин», «Үлэҕэ килбиэнин иһин» уо.д.а медаллар, юбилейнай знактар,элбэх ахсааннаах Бочуотунай грамоталар, Махтал суруктар, Үөһээ Бүлүү улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.

Иккис уол Василий Романович, 1917 сыллаахха төрөөбүт. Тойоку 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрбит. Колхоз тэриллиитигэр убайын кытта бииргэ активнай кыттыыны ылбыт. 1940-1943сс. оройуон киинигэр сир салаатыгар бухгалтерынан үлэлии олорон 1943 с. саас армия5а ыҥырыллыбыт. Сэриигэ барыан иннинэ Коммунист партия кэккэтигэр киирбит. Ленинград куорат оборонатыгар сэриилэһэ сылдьан Красные пруды диэн дэриэбинэҕэ 1944 сыл кулун тутар 9 күнүгэр сырдык тына быстыбыт. Дойдутугар кэргэнэ Үөдүгэй нэhилиэгин Чүүт алааhыттан төрүттээх Николаева Александра Евсеевна 1912 сыллааҕы төрүөх, кыракый кыыс оҕолоох хаалбыт. Иэдээннээх аас-туор олоҕу тулуйбакка оҕо эмискэ ыалдьан бэрт кыра сааhыгар олохтон туораабыт. Сэрии огдообото Александра Евсеевна сэрии кэннэ араас үлэлэргэ үлэлээн баран, соҕотоҕун сылдьан 1975 сыллаахха олохтон туораабыт.


Үһүс уол Михаил Романович 1921 сыллаахха күн сирин көрбүт. Тойоку 7 сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрбит. 1944 сыл бэс ыйыгар армияҕа ыҥырыллыбыт. Забайкальскай байыаннай уокуруктан 1945 сыл атырдьах ыйыгар Япония империалистарын утары кырыктаах кыргыһыы саҕаланаатын кытта фроҥҥа барбыт. Михаил Романович сэрии араас быһылааннарыгар, мүччүргэннээх түбэлтэлэргэ үгүстүк түбэспит. Онуоха барытыгар кини хорсуна-хоодуота, булугас өйө өлөр өлүүттэн быыһыыра. Илин сэрии бүппүтүн кэннэ 1946 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр дойдутугар этэҥҥэ эргиллэн кэлбит. Кэлээт төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэгэр араас үлэҕэ күүһэ кыайарынан үлэлээбит. Онтон фронтовик Дьокуускай куоракка олохсуйан, бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри милиционер форматын кэтэн Ис дьыала органыгар вневедомственнай охрана отделыгар үлэҕэ киирбит. Түбүктээх уонна бочуоттаах бу сулууспаҕа Михаил Романович олоҕун 30 сылын анаабыт. Олоҕун аргыһа Чурапчы оройуонун Дириҥ нэһилиэгитттэн төрүттээх Адамова Марфа Михайловнаны кытта 50 -ча сыл дьолллоохтук олорон биир кыыс, икки уол оҕоломмуттара, оҕолоро бары үрдүк үөрэхтээхтэр, алта сиэннээх, биир хос сиэннээх.
Михаил Романович – сэрии, үлэ ветерана ылбыт наҕараадалара: «Германияны кыайыы иһин», «Японияны кыайыы иһин», «Үлэҕэ килбиэнин иһин» уо.д.а. бойобуой медаллар, Саха АССР Ис дьыала министерствотын Бочуотунай грамоталара, үулэлээбит тэрилтэтин Махтал суруктара.
2000 сыллаахха Дьокуускай куоракка олорон олохтон туораабыт.


Төрдүс уол Григорий Романович 1925 сыллаахха төрөөбүт, сэттэ кылаас үөрэхтээх, 18 сааһыгар сылдьан 1943 с. от ыйыгар аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллан барбыт. 33-с гвардейскай полкаҕа тубэһэн Курскай дугаһа өрүс салаатыгар уоттаах сэриигэ бастакы сүрэхтэниитин барбыт. Бу суостаах- суодаллаах, хаан тохтуулаах хабыр хапсыһыыга хорсунтан-хорсуннук сэриилэспит гвардия рядовойа Григорий Захаров уоту холоругу хабайар хаба ортотунан ааһан, өлөр-өлүүнү мүлчү түһэн, хаста да бааһыран Украинаны, Молдавияны, Бессарабияны, Румынияны, Болгарияны, Югославияны, Венгрияны, Австрияны гитлеровскай халабырдьыттартан босхолуур уоттаах кыргыһыыларга кыттыбыта. Кыайыы күнүн 1945с. ыам ыйын 8 күнүгэр Чехославакияҕа көрсүбүт. Онно дойдутугар тыыннаах төннөр дьолломмутун өйдөөбүтэ, биэрбит андаҕарын чиэстээхтик толорбутунан киэн тута санаабыта. Ол эрэн кинилэр полкалара Чехославкияттан 1946 с. балаҕан ыйыгар тахсыбыта. Кыһыл армияҕа 5 сыл сулууспалаан, ууну-уоту ортотунан ааспыт буойун төрөөбүт дойдутугар 1947 с. сааһыгар эргиллэн кэлбитэ. Улуу кыайыыны уһансыбыт буойун кэллэ – кэлээт Дьокуускай куоракка өрүс пордугар үлэҕэ киирэр. Онтон дойдутугар кэлэн Давыдов учаастагар колхозка таһаарыылаахтык үлэлиир. 1954 сылтан Бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри улуус киинигэр лесхозка, лесопууҥҥа үлэлээбитэ. Григорий Романович олоҕун аргыһа Кэнтик нэһилиэгиттэн төрүттээх Иванова Дария Андреевналыын 50-ча сыл бииргэ олорон ааттарын ааттатар үс кыыс, биир уол оҕоломмуттара, бары үрдүк, орто анал үөрэхтээхтэр, 11 сиэннээхтэр, 5 хос сиэннээхтэр, 1 хос-хос сиэннээхтэр.
Григорий Романович 1999 сыллаахха Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр өлбүт.
Григорий Романович – Гвардия рядовойа, сэрии, үлэ ветерана ылбыт наҕараадалара: «Кыһыл Сулус», «Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии 1-степеннээх» орденнар, «Хорсунун иһин», «Будапеһы ылыы иһин», «Венаны ылыы иһин», «Үлэҕэ килбиэнин иһин» уо.д.а бойобуой уонна юбилейнай медаллар, гвардейскай значок, элбэх ахсааннаах Бочуотунай грамоталар.
Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрии ыар сыллара кинилэр сүрэхтэригэр оспот бааhы хаалларбыта. Биһиги убаастыыр, таптыыр дьоммут олорон ааспыт олохторун туһьунан өйдөбүнньүк буоллун диэн видеокассетаҕа уһуллубуттара, ахтыы суруйан хаалларбыттара көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэр.
Биһиги кэнчээри ыччаттар, кинилэр оҕолоро, сиэннэрэ Улуу кыайыы күнүн сылын аайы бар-дьону кытта биирпэ үөрэн-көтөн туран бэлиэтиибит, кинилэр бойобуой сырыыларын бары мустаммыт ахтан – санаан ааһабыт.
Биһиги тапталлаах аҕаларбыт, эһэлэрбит хос эһэлэрбит олорон ааспыт олохторунан киэн туттабыт, уйэ-саас тухары кинилэр сырдык мөссүөннэрэ көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэ туруохтара, өрүү сүрэхпитигэр-быарбытыгар тыыннаах буолуохтара!
Сэрии хаһан да буолбатын, сир үрдүгэр өрүү ыраас халлаан баар буоллун!
Ахтыыны суруйда Калинник Романович орто кыыһа Попова Тамара Калинниковна,
РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, государственнай сулууспа ветерана, Үөһээ Бүлүү улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.
10.10.2014 с. Үөһээ Бүлүү