
Үөһээ Бүлүү улууһа олунньу 10 күнүгэр 1935 сыллаахха төрүттэммитэ. Улуус сирин иэнэ 42 тыһ. кв.км, нэһилиэнньэтин ахсаана 21 тыһ. тахса. Улуус соҕуруу өттүгэр Өлүөхүмэ, арҕаа – Ньурба уонна Сунтаар, илин – Бүлүү уонна Горнай, хоту – Өлөөн улуустарын кытта кыраныыссалаһар.
Үөһээ Бүлүү улууһа өрөспүүбүлүкэ арҕаа өттүгэр баар. Дьокуускай куораттан Үөһээ Бүлүү улууһун киинигэр диэри сиринэн – 677 км, салгынынан – 610 км, уунан – 847 км тэйиччи сытар.
