Кулун тутар 13 күнүгэр Т. И. Петров аатынан орто оскуолатыгар алын сүһүөх үөрэнээччилэрин төрөппүттэрин кытта “Төрөөбүт тыл эйгэтин кэҥэтии хайысхалара” диэн оҕону сахалыы иитии,оҕо төрөөбүт тылынан саҥарар саҥатын сайыннарыы, сахалыы кинигэни аахтарыы тула кэпсэтии буолла. Оҕону сахалыы иитиигэ эйгэни тэрийии – дьиэ-кэргэнтэн, төрөппүттэриттэн тутулуктааҕын бары билэбит. “Хас биирдии дьиэ кэргэн болҕомтотун ууран, сахалыы иитиини тэрийэр дуо?”, “Оҕо нууччалыы тылынан саҥарарыгар аҥаардас гаджеты эрэ буруйдуу олорорбут дуу?” — диэн ыйытыылар бүгүн эмиэ үөскээтилэр. Кэпсэтиигэ саха тылын учуутала Васильева Эльза Устиновна, оскуола библиотекара Иванова Ия Анисимовна, Өргүөт модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ Захарова Ирина Ильинична кыттыыны ыллылар.



