Улууспутугар балаҕан ыйын 10 күнүттэн «Оптуорунньук – доруобуйа күнэ» диэн чэгиэн турукка аналлаах бырайыак олоххо киирдэ.
Бырайыак чэрчитинэн Өргүөт нэһилиэгэр тэрилтэлэринэн араас тэрээһиннэр ыытылыннылар.
Ол курдук Өргүөт модельнай библиотеката уонна сынньалаҥ киинэ тэрийиитинэн бырайыак арыйыыта буолла. «Доруобуйа курдук сүдү баайы харыстыахха күнүн аайы!» кинигэ быыстапката тэрилиннэ. Баһаар кэмигэр хайдах харыстаныахха сөбүн сырдатар “ПАМЯТКА ДЛЯ НАСЕЛЕНИЯ: рекомендации о мерах безопасности в случае задымления в населенных пунктах” түҥэтилиннэ.
Фельдшер – лаборант Васильева Матрена Устиновна «Как правильно подготовиться к лабораторному исследованию» диэн темаҕа беседа аахта, дьон сэҥээриитин ылла. Худрук Алексеева Анисия Николаевна давлениелаахтарга аналлаах дыхательнай гимнастика ыытта.
Тэрээһиммитигэр 15 киһи сырытта.
Т. И. Петров аатынан орто оскуолаҕа физкультчаас буолла. Физрук Сайаара Алексеевна Васильева ыытта . 20 оҕо физкультчааска кытынна.
«Туллукчаан-ОТ» оҕо уһуйааныгар доруобуйа күнүнэн араас тэрээһиннэр ыытылыннылар.
Ол курдук: оҕолор зарядкалаатылар, “Мойдодыр” мультфильм көрдүлэр. Чэгиэн буолууну сырдатар стенд оҥоһулунна.








