Саха норуодунай бэйээтэ Иван Гоголев-Кындыл төрөөбүтэ 95 сыла

(18.01.1930–22.11.1998)

Иван Гоголев-Кындыл Бүлүү куоратыгар 1930 сыллаахха тохсунньу 18 күнүгэр төрөөбүт.

Иван Михайлович 1954 сыллаахха Москватааҕы М.Горькай аатынан литературнай институту бүтэрбит.

Дьокуускайдааҕы кинигэ кыһатыгар эрэдээктэринэн уонна орто оскуолаҕа тыл уонна литература учууталынан үлэлээбит. 1948 сылтан бэчээттэммит. 1952 сыллаахха хоһооннорун бастакы хомуурунньуга тахсыбыт. Хас да улахан поэма уонна «Күн хайата» диэн ааттаах ыччат туһунан хоһоонунан роман (1962) суруйбута. Ааҕааччы биһирэбилин прозаическэй айымньылара эмиэ ылбыттара: «Хара кыталык» роман-трилогия, «Иэйэхсити кэлэтии», «Олорор мутуккун кэрдимэ» сэһэн.

И.М.Гоголев драматург быһыытынан эмиэ биллэр. «Кыталыктар хочолоро» музыкальнай остуоруйа пьесаны, «Хотугу сибэкки» бастакы саха опереттатын либреттотын суруйбута. Драмалара: «Ыам ыйын халлаана», «Таас таба», «Наара суох», «Өлүөнэ сарсыардата», «Саллаат сүрэҕэ» уо. д. а. Айымньылара нуучча тылынан тылбаастаммыттара уонна Москубаҕа бэчээттэммиттэрэ. Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан талылла сылдьыбыта.

«Үһүс харах» кинигэтэ 2005 сыллаахха Берлин куоракка Dagyeli кинигэ кыһатыгар ниэмэстии тылынан тахсыбыта («Das dritte Auge»). Иван Гоголев кыргыттара Анна Гоголева уонна Лена Гоголева, ону тэҥэ Монастырев Владимир Дмитриевич бу тылбаас тахсыытыгар көмөлөөхтөр. Тылбааһы нууччалыы тылтан Валерия Вайзер бэлэмнээбит.

Кинигэлэрэ

Мин эһигини таптыыбын : сэһэн / Иван Гоголев. — Якутскай : Якутское книжное изд-во, 1971. – 110 с. 
Хара кыталык : роман : [3 кинигэлээх. 1-кы кинигэтэ] / Иван Гоголев. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1977. — 357, [1] с. : ил. ; 21 см. — 15000 экз.
Хара кыталык : (роман) : [3 кинигэлээх]. (2-с кинигэтэ) / Иван Гоголев. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1982. — 287, [1] с.
Хара кыталык : (роман) : [3 кинигэлээх]. (3-с кинигэтэ) / Иван Гоголев. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1987. — 1987. — 261, [1] с. ; 21 см. — 15000 экз. 
Эһэкээн үөһэ : сэһэн : улахан уонна орто саастаах оскуола оҕолоругар / Иван Гоголев. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1978. — 127, [1] с. 
Олорор мутуккун кэрдимэ : сэһэн / И. М. Гоголев ; [ред. Р. Д. Ермолаев ; И. С. Барахтыров ойуута]. — Якутскай : Кинигэ изд-вота, 1986. — 213, [1] с. 
Иэйэхсити кэлэтии : «Иэйиэхсит» роман маҥнайгы кинигэтэ / Иван Гоголев. — Дьокуускай : Бичик, 1993. — 270, [2] с.
Хара кыталык : роман / Иван Гоголев. — Переизд. — Дьокуускай : Бичик, 2008. — 909, [2] с., [1] л. портр. ; 21 см. — (Уран тыл уустара).
Манчаары : роман / Иван Гоголев. — Дьокуускай : Бичик, 2012. — 350, [1] с. : портр. ; 21 см. — (Уран тыл уустара). — 2000 экз.
Ыам ыйын халлаана : пьесалар / Иван Гоголев. — Якутскай : Якуткнигоиздат, 1966. — 152 с.
Үрүҥ көмүс иҥэһэ : (хоһоонунан драмалар) / Иван Гоголев. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1974. — 201, [2] с.
Драмалар / Иван Гоголев. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1981. — 285, [2] с. 
Ыҥырар уоттар : [хоһооннор, поэмалар] / И. Гоголев. — Якутскай : САССР Госиздата, 1952. — 64, [1] с.
Ыраах суолга : [хоһооннор уонна поэмалар] / Иван Гоголев. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1956. — 141 с. : портр. 
Хаарчаана : [хоһооннор уонна остуоруйалар хомуурунньуктара : кыра уонна орто саастаах оҕолорго] / Иван Гоголев ; [С. Федоров ойуулара]. — Якутскай : Кинигэ изд-вота, 1958. — 89, [2] с.
Кынаттар : хоһооннор уонна поэмалар / Иван Гоголев. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1959. — 78, [1] с. : ил. 
Күн хайата : хоһоонунан роман / Иван Гоголев. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, 1962. — 185, [2] с. 
Пальмалаах кытыллар : оскуола улахан саастаах оҕолоругар хоһооннор / Иван Гоголев. – Якутскай : Якуткнигоиздат, 1963. – 58 с.
Лирика : [хоһооннор] / Иван Гоголев ; [художник В. К. Антонов]. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1965. – 158, [1] с. : ил.
Сардаана : [хоһооннор] / Иван Гоголев. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1967. — 78, [2] с. : ил.
Тоҕус халлаан анныгар : хоһооннор / Иван Гоголев. — Якутскай : Якуткнигоиздат, 1970. — 144 с. : ил.
Өлүөнэ хоптолоро : (хоһооннор) / Иван Гоголев ; худож. Н. П. Соловьев. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-во, 1973. — 86, [1] с. : ил. 
Ийэ буор : поэма, хоһооннор, ырыалар / Иван Гоголев. — Якутскай : Кинигэ изд-вота, 1976. — 95 с. : ил.
Өксөкулээх сэргэ : хоһооннор / И. М. Гоголев ; [ред. В. А. Тарабукин ; уруһуйдара В. Д. Иванов]. — Якутскай : Кинигэ изд-вота, 1979. — 430 с. : ил.
Харса суох Хампаадай : кыра саастаах оҕолорго / Иван Гоголев ; И.И.Попов уруһуйдара. — Якутскай : Кинигэ изд-вота, 1981. — 8 с. : ил.
Тохсунньу харыйата : (cонеттар, поэмалар) / Иван Гоголев ; И. Е. Капитонов уруһуйа. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1984. — 101, [2] с. : ил.
Туөрт саҕах : хоһоонунан роман уонна поэмалар / И. Гоголев ; [ред. В. А. Тарабукин ; В. Д. Иванов уруһуйдара]. — Якутскай : Кинигэ изд-вота, 1980. — 347, [2] с. : ил.
Ытык дабатыы : хоһооннор, поэма / Иван Гоголев. — Дьокуускай : Саха Республикатын национальнай кинигэ изд-вота, 1992. — 109, [2] с. ; 20 см. — (Саха оскуолатын библиотеката). — 1000 экз. 
Үһүс харах : роман-поэма / Иван Гоголев. — Дьокуускай : Бичик, 1999. — 239 с. 
Черный стерх : роман / Иван Гоголев ; пер. с якут. Д. Чупрыни. — Москва : Современник, 1984. — 271, [1] с. ; 21 см. — (Новинки «Современника»)
Талыллыбыт айымньылар хомуурунньуктара : 8 томнаах / Иван Гоголев-Кындыл ; [хомуйан оҥордо В. Т. Сивцев ; редкол.: М. Д. Ефимов уо. д. а. ; киирии ыстатыйаны суруйда Н. Н. Тобуруокап]. — Дьокуускай : Бичик, 2005-. — 20 см. — (Саха литературатын классиктарын библиотеката).
Т. 1: Сарсыардааҥҥы омурҕан : хоһооннор. — 2005. — 302, [1] с.
Т. 2: Ортоку омурҕан : хоһоонунан роман, сонеттар, хоһоонунан номохтор, тиһэх хоһоонноро. — 2005. — 397, [1] с. ; 20 см. — 2000 экз.
3: Киэһээҥҥи омурҕан : поэмалар. — 2005. — 349, [1] с
Айымньылар / Кындыл — И. Гоголев ; [ред. коллегия: Ф. В. Габышева, Д. Е. Васильева, А. В. Егоров уо.д.а.]. — Дьокуускай : Бичик, 2013-. — 21 см. — (Саха народнай суруйааччылара : серия 2005 с. олохтоммута).
Т. 4: Драмалар ; [хомуйан оҥордо, киирии тылы суруйда М. И. Ушницкая]. — 2013. — 364, [2] с. — 2000 экз. –
Т. 5: Драмалар / [хомуйан оҥордо М. Ушницкая]. — 2015. — 218, [2] с. — 1600 экз.
Т. 6: Иэйэхсити кэлэтии : роман. — 2019. — 316, [2] с. – 4000 экз
Ягель в инее : » Возвращение в зрелость» : стихи и поэма. пер. с якут. — Москва : Сов. писатель, 1966. — 95 с. : ил.