
Биир дойдулаахпыт, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына, СӨ суруйааччыларын союһун чилиэнэ Вера Спиридоновна Солдатова “Төрөөбүт дойдубар тапталым…” диэн ааттаах уруһуйун быыстапката олохтоох библиотекаҕа арылынна. Талааннаах киһи барытыгар талааннаах, талаан арыллара сааһыттан тутулуга суох диэн этэллэрэ саамай сөп эбит. Вера Спиридоновна уруһуйдара хоһоонноругар олоҕуран айыллыбыттар. Төрөөбүт дойдутун алаастарын, күөллэрин, үрэхтэрин, көтөрдөрүн, силигилиир тыаларын уруһуйдаабыт буолан көрөөччү биһирэбилин ылыахтарын ылаллар. Ыалдьыттар уруһуйга анаммыт хоһооннору ааҕаннар быыстапканы өссө киэргэтэн биэрдилэр.Вера Спиридоновна уруһуйдара олоҕу сыаналыырга, тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах сыһыаҥҥа ыҥыраллар, көрөөччүнү кэрэҕэ эрэ угуйаллар.





