Электронные книги

Алтан оттоох Өргүөтүн үһүйээннэрэ: электроннай кинигэ/ хомуйан оҥордо: И.И. Захарова. – Өргүөт: [и.с.], 2020. – 78 с. Өргүөт үһүйээннэрэ хомуллан урут бэчээккэ тахсыбатах рукописьтарга, ахтыыларга, бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэлэргэ олоҕуран оҥоһулунна.

Кинигэни баттаа, аах

Кинигэ Өргүөт совхоз тэриллибитэ 40 сылыгар ананар. Манна Өргүөт совхоз сайдыбыт кэрдиис кэмнэрэ сырдатыллаллар. Араас кэмҥэ үлэлээбит дьоннор хаартыскалара, ахтыылара уонна кинилэр аймахтарын ахтыылара киирдилэр.
Кинилэр сырдык мөссүөннэрэ, умнуллубат ааттара үйэтитиллэн хаалан, кэлэр көлүөнэҕэ үтүө өйдөбүнньүк буолуоҕа. Кинигэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.

Аҕа дойду улуу сэриитин кыттыылааҕа, педагогическай үлэ ветерана Илларион Леонтьевич Омукчанов олоҕун, үлэтин, оҕолорун-аймахтарын туһунан сэһэн. И.Л. Омукчанов сүбэлээн-амалаан көмө буолбутун иһин биир дойдулааҕа Степан Егорович Дадаскиновка махталын тириэрдэр. Бэчээккэ балта Т.И. Петрова бэлэмнээтэ.

Кинигэни баттаа, аах.

Суруйааччы Вера Нанова-Солдатова кыра саастаах оҕолорго кинигэтигэр төрөөбүт төрүт сиргэ таптал, өбүгэлэр үгэстэригэр сүгүрүйүү туһунан хоһуйар, ааптар салгыы оҕолору ийэ тылы таптаан, искитигэр иҥэринэн, олоҥхону, оһуохайы үөрэтэн билиҥ, сайдыҥ, саха буолан сандаарыҥ диэн истиҥ иһирэх ийэлии тылынан ыҥырар.

Кинигэни баттаа, аах.

Солдатова, Вера Спиридоновна Өргүөт кыыһа:(хоһоонунан поэма) / Вера Солдатова- Нанова; Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын Дьиэтэ.-Дьокуускай:Дани-Алмас, 2021.- 36 с.

Кинигэ фольклорист , педагог Иван Касьянович Васильев “Өргүөт кыыһа” номоҕугар олоҕуран хоһоонунан поэма курдук сурулунна. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.

Кинигэни баттаа, аах.

Трофим Иустинович Петров (1904-1977) – Үөһээ Бүлүү улууһун кырдьаҕас учуутала Тойоку нэһилиэгин ааспыт олоҕун туһунан хомуйбут матырыйаалын балта Петрова Тамара Ивановна бэлэмнээн таһаартарбыта.

Кинигэни баттаа, аах.

Саха сэһэннэрэ / [отв. ред.: Г. И. Поскачин]. — Москва, Якутскай : Судаарыстыба Саха сиринээҕи бэчээттир суута, 1938. — 49,[2] с. ил.;

Кинигэҕэ саха остуоруйалара киирбиттэр.

Кинигэ латынныы алпаабытынан суруллубут.

Кинигэни баттаа, аах.

Грибановский, Николай Николаевич.

Н. Г. Чернышевский в Вилюйской ссылке : (библиографический указатель) / Н. Н. Грибановский ; Науч.-исслед. Ин-т языка, литературы и истории ЯАССР. – Якутск : Государственное издательство ЯАССР, 1947. – 71]с.

Библиографический указатель Н. Н. Грибановского—первая серьезная попытка учета и регистрации литературы о вилюйской ссылке русского революционера, ученого и писателя. Указатель содержит 165 названий и заключает литературные источники по 1944 год. Материал книги расположен в хронологическом порядке и сопровождается краткими аннотациями, и, где возможно, указаниями на рецензии. В конце дано примечание и три алфавитных указателя.

Нажми книгу