Үрүҥ тунах ыһыах : хоһооннор, ырыалар

ОҺУОКАЙ

И. Брызгалов тыллара

Оһуокайдыыр оһуокай,

Оһуокайдыыр оһуокай.

Эһиэкэйдиир эһиэкэй,

Эһиэкэйдиир эһиэкэй

Чэйиҥ эрэ чэкийдэр

Илиилэртэн ылсыһан,

Хос ырыата:

Саха таптыыр үҥкүүтүн

Оһуокайы умнумаҥ.

Илиилэртэн ылсыһан

Төгүрүччү хаамсыаҕыҥ.

Эллэй эһэбит саҕаттан,

Эллэй эһэбит саҕаттан

Үгэс буолбут оонньууну

Ойуунускай убайбыт,

Ойуунускай убайбыт

Сөбүлээбит үҥкүүтүн,

Хос ырыата.

ЫҺЫАХХА

Аскалон Павлов тыллара

Кырыа кыһын кыйданан үтүө күннэр үүннүлэр,

Самаан сайын салаллан күөх солкону бүрүннэ,

Маннык үтүө кэмнэргэ дойдум дьоно мунньустан

Ыһыах ыһан эрэллэр, алгыс тылын этэллэр

Хос ырыата:

Уунуом этэ күөрэччи мин кымыстаах чороону,

Туойуом этэ доргуччу үрүҥ тунах ыһыаҕы,

Сарыал уота умайда, умайда, сайыммытын айхаллаан,

Сарыал уота умайда сайыммытын айхаллаан.

 

Хатыҥ чэчир быыһынан хопто маҥан атынан

Ыһыах аһар тутааҕа тиийэн кэллэ сэргэҕэ,

Сахам сирин сайынын кэрэ кэмин бэлиэтээн

Аар хатыҥы симииллэр, дьиэрэҥкэйдээн тэбэллэр.

Хос ырыата:

ЭЙЭЛЭЭХ ЭҺИЭКЭЙ

В.С. Солдатова

Оҕо дьоммун сиэтэммин

Оһуокайга киирэбин,

Төрүт дьоммун тутуһан

Төгүрүччү хаамсабын.

Эргичийэ көтүтэн

Эрчимнээхтик дайабын,

Или түстүүр илиигэр

Иилистиһэн иһэбин.

Эдэр-эмэн эрэттэр

Эйэргэһэн эрэллэр,

Эһиэкэйгэ сиэттиһэн

Имнэнсиһэн ылаллар.

Түмсүүлэрдээх түһүлгэм

Үрүҥ түүннээх үҥкүүтүн,

Үтүө тылын үтүктэн

Үмүрүччү үктүүбүн.

Эгэлгэлээх кэмнэргэ

Эҥээрийдин эһиэкэй,

Дьоллоох сахам дьуохара

Дуораһыйдын оһуокай

ДЬИЭРЭҤКЭЙЭ КЭРЭТИЭН!

Ф.Петров тыллара уонна матыыба

Сайылыкка үрүҥ түүн,

Оһуокайдыыр киэһэҕэ

Хара харах кыысчааным

Дьиэрэҥкэйэ кэрэтиэн!

Хос ырыата:

Оо, уйдара-уйдара дайдаран,

Сахам нарын кыысчаана,

Килбик-килбик мичээрдии

Дьиэрэҥкэйэ кэрэтиэн!

Арай маннык күөрэгэй,

Күөх халлааҥҥа дьырылыыр,

Арай маннык кыталык

Үҥкүүлүүрэ буолуо дии.

Хос ырыата:

Оо, уйдара-уйдара дайдаран,

Сахам нарын кыысчаана,

Килбик-килбик мичээрдии

Дьиэрэҥкэйэ кэрэтиэн!

ААР ХАТЫҤ

М.Тимофеев тыллара, Е.А. Егоровтар репертуардара

Ыһыахха ыраахтан, чугастан ыалдьыттыы

Дьон-сэргэ мунньустуо бу манна.

Оһуокай, чуор хомус чугдааран уйгууруо

Бу алаас, бу түөлбэ, булгунньах.

Хос ырыата:

Онтон мин

Сырдык туос субаҕын,

Айгырас лабааҕын

Салама ыйааммын

Ситэрэн киэргэтэ,

Ситэрэн киэргэтэ –

Симиибин.

Алааспар сандал саас эргиллэн

Аар хатыҥ чэлгийэ көҕөрөн эрэҕин.

Илбиргэс ытарҕа сэбирдэх

Иннигэр-кэннигэр кэбиһэр симэҕиҥ.

Хос ырыата:

ЫҺЫАХХА

Н.Дьяконов тыллара, А.Старков мелодията

 

Көрбүтүм эйигин ыһыахха,

Кымыспыт иһиитин саҕана,

Үөрүүттэн-көтүүттэн долгуйан,

Үчүгэй даҕаны ыллыахха.

Хос ырыата:

Оһуордаах чороону тутаҥҥын

Сэргэхтик сэгэйэн испитиҥ,

Оһуокай оонньуутун тардаҥҥын

Оҕо дьон көрдөрүн аспытыҥ.

Туус маҥан ырбаахыҥ хамсыыра

Түһүлгэ томтойор үөһүгэр,

Кыталык көтөрүн хаамыыта

Эн этиҥ ол ыһыах күнүгэр.

Хос ырыата:

Эн күлүүҥ, мичээриҥ барыта

Эдэркээн сүрэхпэр иҥмитэ,

Күөх чараҥ налыйан барыыта

Түннүгүм анныгар түспүтэ

Хос ырыата:

ЫһЫАХ

О. Колесова тыллара, в. Никаноров мелодията

Уйгулаах сайыммыт ыһыаҕын

Тойуксут ырыата аспыта,

Туус маҥан атынан хаамтаран

Уол кыыстыын сэргэҕэ кэлбитэ.

Дьэ дьиэрэй, чуордук дуорай,

Оһуо-оһуокай, эһиэ-эһиэкэй!

Бу манна чороону көтөҕөн

Кырдьаҕас уруйдуу тоһуйда,

Үс сэргэ аттыгар көрсүһэн

Көлүөнэм илиитин тутуста.

Дьэ дьиэрэй, чуордук дуорай,

Оһуо-оһуокай, эһиэ-эһиэкэй!

Кырдьаҕас алгыһын ытыктаан

Ыччатым көхтөөхтүк чуоҕуста,

Түһүлгэ оонньуута тэнийдэ,

Кылыыһыт, сүүрүк да үксээтэ.

Дьэ дьиэрэй, чуордук дуорай,

Оһуо-оһуокай, эһиэ-эһиэкэй!

Көр-күлүү үллэҥниир кэмигэр

Уол кыыска сибэкки туттарар,

Таптыырын күн бүгүн этиэҕин

Эдэркээн сүрэҕэ долгуйар.

Дьэ дьиэрэй, чуордук дуорай,

Оһуо-оһуокай, эһиэ-эһиэкэй!

САРЫАЛ УОТА

(“Чороон” ВИА репертуарыттан)

Кырыа кыһын кыйданан

Үтүө күннэр үүннүлэр,

Самаан сайын салаллан

Күөх солкону бүрүннэ.

Маннык үтүө кэмнэргэ

Дойдум дьоно мунньустан

Ыһыах ыһан эрэллэр,

Алгыс тылын этэллэр.

Хос ырыата:

Уунуом этэ күөрэччи мин кымыстаах чороону,

Туойуом этэ доргуччу үрүҥ тунах ыһыаҕы,

Сарыал уота умайда, сайыммытын айхаллаан.

Хатыҥ, чэчир быыһынан

Хопто маҥан атынан

Ыһыах аһар тутааҕа

Тиийэн кэллэ сэргэҕэ.

Сахам сирин сайынын

Кэрэ кэмин бэлиэтэ

Аар хатыҥы симииллэр,

Дьиэрэҥкэйдээн тэйэллэр.

Хос ырыата

Уунуом этэ күөрэччи мин кымыстаах чороону,

Туойуом этэ доргуччу үрүҥ тунах ыһыаҕы,

Сарыал уота умайда, сайыммытын айхаллаан.

МИН ЫЛЛЫЫ КЭЛИЭҔИМ

Никифор Семенов  репертуарыттан

Мин ыллыы кэлиэҕим ыһыахха,

Хас биирдии уйаҕас сүрэххэ,

Кырылыы көөнньүбүт кымыска

Дьол, таптал амтанын иҥэрэ.

Мин ыллыы кэлиэҕим күөх сайын,

Эҕэрдэ этиэҕим эһиэхэ,

Эһиэкэй тылынан дьиэрэтэ,

Дорҕоонноох тойукпун дуората.

Хос ырыата:

Мин ыллыы кэлиэҕим күөх сайын,

Эҕэрдэ этиэҕим эһиэхэ,

Эһиэкэй тылынан дьиэрэтэ,

Дорҕоонноох тойукпун дуората.

Мин ыллыы кэлиэҕим эһиэхэ,

Күөх Ньурбам уйгулаах ыһыаҕар,

Үөрүүбүн бар дьоммор түҥэтэ

Бу сайга, бу Улуу тунахха.

Мин ыллыы кэлиэҕим эһиэхэ,

Кыыс уолга тапталын этээри,

Эдэрдээх кырдьаҕас сүрэҕэ

Эйэргии тэбэрин истээри.

Хос ырыата:

Мин ыллыы кэлиэҕим күөх сайын

Эҕэрдэ этиэҕим эһиэхэ

Эһиэкэй тылынан дьиэрэтэ

Дорҕоонноох тойукпун дуората

ЫҺЫАХ

Вячеслав Хон

Халлаан күөҕэ халааннаата,

Дьирим оонньуур чараҥ лааҕа,

Дьоруолаата сайбыт ата

Дойдум добун ыһыаҕар.

Алгыс үүнэр үтүө кэмин

Күннүүн туран көрсөр — кэрэ!

Аттаах, сатыы, түмсэн иһиҥ,

Долгун күөххэ, чэйиҥ эрэ!

Олгуй ойор ууларыныы

Оһуохайбыт көөнньө дайдын,

Тохсус халлаан мындаатыгар

Алгыс тылбыт дабайдын!

Саха буолан сандаарбыттан

Дьоллонуохха дьоро күҥҥэ,

Орто дойду мандарыттан

Тииһиниэххэ бу кэмҥэ!

ЫҺЫАХ ЫҤЫРАР

 Иван Попов- Байдам

Ийэ дойду чэлгийэн

Ситэн-тупсан киэргэйэр,

Солко таҥас суугунаан

Ыһыах дьону ыҥырар,

Кэс тыллаах алгыһынан,

Дьон түмсэр үөрүүтүнэн.

Улуу сирбит уорҕата

Кэрэтинэн абылыыр,

Күммүт сырдык чаҕыла

Түмсэр күүһү уруйдуур,

Ыһыах, ыһыах ытык күн,

Дьолу түстүүр дьоһун күн.

Оонньуу, үҥкүү, ырыа да

Үллэр күөстүү оргуйар,

Бар дьон, Айыы, айылҕа

Бары үөрэ көрсөллөр,

Кэлэп кэми айхаллыы,

                Үүнэр күнү арчылыы.                

 

ЫҺЫАХХА…

Мария Алексеева

Киэҥ халлаан таҥалай былытын

Таҥаспар оһуордуу анньыаҕым,

Күлүмнэс дьэргэлтэн өрөммүн,

Барчалаах байбара тиктиэҕим.

 

Уу ньуурун күндэлин сүһэммин,

Бастыҥа, ытарҕа кэтиэҕим,

Эгэлгэ сибэкки хонуулаах

Сиэдэрэй сөрүөлээх буолуоҕум.

 

Күн көмүс утаҕын сыыйаммын,

Хатыҥҥа салама баайыаҕым.

Мандардаах мас чороон көтөҕөн,

Алгыстыы көрсүөҕүм бар дьоммун.

 

Күөх сайын кэлбитин уруйдаан,

Кыынньыбыт кымыһы иһиэҕим,

Айыыһыт тардыылаах ыһыахха

Дьол-соргу тосхолун тутуоҕум.

 

 

ЫҺЫАХХА

Римма Васильева

Сандал ыраас, сырдык күн

Сандаарыйан таҕыста.

Саппаҕыран бүк түспут

Санаам көнөн манньыйда.

Күндүл ыраас халлааным

Күөх урсуна көһүннэ,

Көймөстүбүт санаакам

Көтөҕүллэн таҕыста.

Бүгүн манна үөрүү-дьол,

Хомус тыаһа, оһуохай.

Бүгүн манна үтүө күн –

Ыһыах ыһар дьоро күн!

Оһуо-оһуо-оһуохай,

Ой дуорааннаах оһуохай,

Эһиэ-эһиэ-эһиэхэй,

Эҥээрийэр эһиэхэй.

Халадаайбыт хайбаҥнаа,

Хаҥас-уҥа буолбахтаа,

Көмүс симэх күлүмнээ,

Түөстэн тэйэн ойуолаа.

Оһуо-оһуо-оһуохай,

Ойор көтөр оһуохай,

Эһиэ-эһиэ-эһиэхэй,

Эрийэ тэбэр эһиэхэй.

 

ЫҺЫАХ
 А.Н.Варламова
Өртөн ыла бэлэмнэнэн,
Үөрүү-көтүү аргыстанан,
Ыһыах буолар күнэ үүнэн,
Ыаллар бүгүн эрдэ туран,
Сарсыардаттан үгэс курдук
Саҕаланна ырыа-тойук.

Ыһыах, ыһыах,
Үрүҥ тунал ыһыах!
Долгулдьуйар түһүлгэттэн,
Чорооннордоох сэргэлэртэн,
Күнү көрсө, эҕэрдэлии
Көтөн иһэр курдуктар
Кынаттара тэлибирии
Кылбаҥнаһар холууптар.

Эдэр ыччат киэҥ да киэҥ
Ийэ сирбит туһунан,
“Үүнэ, үрдүү турдун”, – диэн
Өрөгөйдөөх ырыанан
Сүрэхпитин үөртүлэр,
Сүргэбитин күүртүлэр.

Ону истэн тураммын
Санаан кэллим барытын:
Сэрии аны буолбатын,
Сэриигэ баҕарбаппын.
Үлэ, эйэ ыһыаҕа
Өрөгөйдүү туруоҕа.

Таптал нарын чараҥын
Таарыйбатын хаар хаһыҥ,
Тунал ыһыах түһүлгэтин
Тумнубатын ырыа-тойук,
Айар талаан эгэлгэтин
Арчыластын алгыс курдук!