Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэктэрин өрөгөй ырыалара уонна хоһоонноро

Үөһээ Бүлүү улууһа  олунньу 10 күнүгэр 1935 сыллаахха төрүттэммитэ. Билиҥҥитэ 21 муниципальнай тэриллии баар: Балаҕаннаах, Боотулуу, Кырыкый, Быракаан, Үөһээ Бүлүү, Дүллүкү, Далыр, Үөдүгэй, Кэнтик, Маҥаас, Мэйик, Нам, Оҥхой, Өргүөт, Ороһу, Сургуулук, Тамалакаан, Туобуйа, Харбалаах, Хомустаах уонна Хоро нэһилиэктэрэ.

 

БАЛАҔАННААХ  НЭҺИЛИЭГЭ

БАЛАҔАННААҔЫМ БАРАХСАН

Балаҕаннаах, Балаҕаннаах,

Балаҕаннааҕым барахсан,

Дойдум миэнэ – Балаҕаннаах!

Эйиэхэҕэ аныыбын

Этэр тыл эгэлгэтин,

Ыра санаам үтүөтүн

Истиҥ иэйиилэрбин.

Айылҕам барахсан

Өбүгэ саҕаттан

Маанылаан, бүөбэйдээн кэлбит

Талыы дойдум эн буолаҕын!

Эн төгүрүк алааскар,

Ыраас уулаах Элгээҥҥэр

Күн күлүгүн көрүнэ

Күлүмнүү оонньуур.

Күн уохтаах сардаҥатынан

Көмүс кыырпахтарын

Киэҥ  дуолга көччүтэ ыста,

Кэрэ олоҕу туойан

Күлүмнүү сырдаата.

Чээл күөх харыйа хаймыылаах

Мааны хатыҥнаах суугуна

Сүрэҕи сылаанньытта,

Дууһабын долгутта.

Кини киэҥ хочотугар, арыытыгар

Күөх хойуу отторо

Күөх муоралыы

Долгулдьуйа суугунастылар.

Кини киэҥ куулатыгар, тыатыгар

Араас минньгэс отоннорунан

Оҥоойуктар туолбуттар,

Оҕо-эмэн бары тиксэн

Уостан түспэт кэпсээн буолбут,

Сыллата сырыы элбээбит.

Сыспай сиэллээхтэрэ,

Хороҕор муостаахтара

Хонуу, алаас ахсын

Тоҕуоруһа элбээбиттэр,

Үүт-сүөгэй, суорат,

Уохтаах кымыс дэлэйбит.

Баҕарыам этэ

Хас Балаҕаныҥ иһигэр

Баччыр оҕо эйээрэ ытаатын диэн,

Хас Балаҕаныҥ ахсын

Баай-талым олох кэллин диэн.

Күнтэн күн баһаам

Элбэх балаҕаннаргынан,

Баараҕай тутууларгынан,

Эбиллэ тур диэн,

Эрэнэр эҕэрдэбин

Эттэҕим буолуохтун!

Балаҕаннааҕым барахсан

Кэрэ Айылҕата кэхтибэтин,

Сылтан сыл

Өссө чэчирии сайын дуу,

Тапталлаах дойдум!

 

БООТУЛУ НЭҺИЛИЭГЭ

БООТУЛУУ ГИМНЭ

М. Тебенева тыллара

У.Догорова мелодията

Киэҥ Бүлүүм дуолугар, кыыс кэрэ иэнигэр

Төрөөбүт дойдубар,Боотулуум буоругар

Олоҥхо тылынан саргылаах ырыабыт

Киэҥ сиргэ энсиллэн үйэҕэ дуорайдын.

Үйэҕэ дуорайдын

 Тапталлаах дойдубар

Боотулуум сиригэр.

Ирбэт тоҥ  иэнигэр олоҕу чэлгиппит

 Эр хорсун санаалаах ньургун дьон буолабыт,

 Үөрэҕи, билиини эргиччи баһылаан

Саргылаах санаанан салаллан сайдыаҕыҥ.

Чөл олох уруйдаах,

Ил, эйэ айхаллаах

 Салаллан сайдыаҕыҥ.

Киэҥ сирдиин, олохтуун ситими ситэрэн

Кэнчээри олоҕун кэхтибэт кэскиллиэх,

Самныбат саргыттан, уруйдаах олохтон

 Дьолбутун булунуох, дойдуну уруйдуох.

Күн Айыы алгыстаах

Кэскилбит түстэннин,

 Уруйдан, Боотулуу –

 Төрөөбүт дойдубут –

 Уруйдан!

 

БЫРАКААН  НЭҺИЛИЭГЭ

ТӨРӨӨБҮТ ДОЙДУМ – БЫРАКААН

Н. Чуручанов тыллара, матыыба

Санаатым ааспыт кэм сылларбын

Сааскылыы чаҕыл күн, оҕо саас

Ахтылҕан иэйиигэ куустаран

Туойуохпун баҕардым дойдубун

хос ырыата

Төрөөбүт мин сирим –  Быракаан

Үөскээбит мин сирим – Быракаан

 Дьолунан толору чороону

Дойдубар эйиэхэ уунабын

Санатта иһийбит өтөхпүн

Үлэһит үтүөкэн дьоннорбун

 Мэниктээн күлэрим үөрэрим

Мас аттаах сүүрэрим көтөрүм

Көлүөнэм эдэркээн таптала

Сүрэхпэр сүппэттик иҥмитэ

Күөрэгэй чыычааҕым ырыата

Дууһабар истиҥник иэйбитэ.

 

ДАЛЫР НЭҺИЛИЭГЭ

ДАЛЫР НЭҺИЛИЭГИН ӨРӨГӨЙҮН ЫРЫАТА 

 У. Ороһуунускай тыллара

В. Донской мелодията 

Наакаантан төрүттээх нэһилиэк буоламмыт

Кэхтэри билбэтэх кэскилин айабыт,

Кэнчээри оҕоҕо саҥалыы анаммыт

Наадалаах оскуола боруогун аһабыт.

Хос ырыата:

Доҕордуу дууһанан дьулуһан

Далырдар кылбаҥныы дайыаҕыҥ

Сахалыы сиэрдэри тутуһан

Сомоҕо түмсэммит сайдыаҕыҥ

Далырга бастакы соругу сорунан

Дмитрий Донской ячейка тэрийтэ,

Кынаттаах хотойдуу, дьоруойдуу санаанан

Комсомол диэн сулустаах тылы иҥээртэ.

Хос ырыата:

Ɵлбүттэр бүгүҥҥү күннэрбит туһугар

Ɵрөгөй өйдөбүл, киэн туттуу аатыгар

Төлөннөөх кытыастар ол кэми саныаҕыҥ

Төлөннөөх ырыанан ыччакка салгыаҕыҥ.

Хос ырыата:

Дьэрэмиис учуутал аҕатын уустара

Дьоһуннаах дьыаланан туртара үөрэтэ

Народнай учуутал Мэхээлэ саҕара

Нохтолоох сүрэҕэ аан маӊнай тэппитэ.

Хос ырыата:

Оскуола-совхозтан үрдүкү үөрэххэ

Оӊкуллаах ыҥырыы бар дьоҥҥо таһааран

Сахабыт норуотун тускуллаах үрдүккэ

Соргулаан ыйбыта сырдыкка сандааран.

Хос ырыата:

 

ДҮЛЛҮКҮ  НЭҺИЛИЭГЭ

“ТУРУГУР ҮЙЭ-СААС, ДҮЛЛҮКҮМ!”

Акулина Христофорова тыллара Эдуард Чоросов матыыба

Бу манна илинтэн күн тахсан

Кэрискэ тыабытын сырдатар,

Кэккэлии субуллар эбэҕэ

Сандаархай күлүмүн түһэрэр.

Бу биһи Ийэ сир- биһикпит

Төрөөбүт улааппыт түөлбэбит,

Туругур, үйэ- саас Дүллүкү,

Өрөгөй тылларын этэбит.

Бу манна кэскилбит оҕо саас

Дьолломмут күлүүтэ чугдаарар,

Кэрэҕэ тардыһар эдэр- саас

Үөрэххэ, үлэҕэ дьулуһар.

Бу манна өҥ буорун кырыһа

Сиэдэрэй симэҕин тэлгэтэр,

Үүнүүлээх алааһа, кытыла

Сүрэҕи долгута угуйар.

Бу манна аҕа- уус удьуордаан

Уйгуну- быйаҥы дэлэттин,

Үйэттэн- үйэҕэ салҕанан

Олохпут тэнийэ туруохтун!

 

КЫРЫКЫЙ  НЭҺИЛИЭГЭ

БИҺИЭХЭ  КЫРЫКЫЙГА

Василий Андреевич Алексеев тыла

Сир бэрдэ, кэрэтэ

Мин дойдум Кырыкый.

Сүрэхпэр бигэтэ

Бу ырыам тылын ый!

Эн күнүҥ-мин күнүм,

Кэскилиҥ-кэскилбит.

Эн үөрүүҥ-мин үөрүүм,

Эрэлиҥ –эрэлбит.

Уой, кэлиҥ бу сиргэ

Уолаттар, кыргыттар.

Эдэр саас биһигэ

Эһиэхэ аһыллар.

Сир дьоллоох чыычааҕын

Уйата-биһиэхэ.

Саас сылаас сиккиэрин

Сылааһа-биһиэхэ.

Кыыс күлэр чаҕаана-

Кыталык ырыата.

Уол үөрбүт саҥата-

Туруйа тойуга.

Сир бэрдэ, кэрэтэ

Мин дойдум-Кырыкый.

Эдэркээн сүрэххэ

Эн кэлиэх суолун ый!

 

 

КЭНТИК НЭҺИЛИЭГЭ

КЭРЭ  КЭНТИГИМ

Спиридон Самсонов тыллара уонна матыыба

Ыра санаа ырыатыттан

Ымыы чыычаах ыллыырыттан.

Мин дойдубар ыллыыбын

Кэрэ Кэнтикпэр.

Баҕарыам дойдубар

Ыраас сырдык ырыалары

Ытык мааны ыалларын.

 Үрдүк бэстээх Тоҥуо үрэхтээх

Бүлүү өрүстээх кэрэ Кэнтигим

Эйигин эрэ санаатым

Сэмэй дьоннордоох кэрэ кэскиллээх

Кэрэ ыччаттаах мин дойдубун

Олустук да мин аҕынным.

 Кэрэ Кэнтикпэр тураммын

Оҕо сааспын мин санаатым

Көмүс түөстээх күөрэгэйдии

Күөх халлаан күөхпүтүн

Сайыҥҥыны айхаллыы

Саһарҕаны арыаллыы

Көттүм мин үрдүк бэспэр.

 

МАҤААС  НЭҺИЛИЭГЭ

ТӨРӨӨБҮТ  УЛААППЫТ ДОЙДУКАМ  

Изабелла Тимофеева

Харбаала эбэкэм, барахсан

Сайдаҕын үүнэҕин чэчирии

Олохпут тэтимин кытары

    Сайынын чаҕыл күҥҥүнэн

    Сир аһын эгэлгэ быйаҥынан

    Кыһынын дьүкээбил суһумунан

    Тупсаҕын  киэркэйэн өрүүтүн.

Саас аайы ньургуһун барахсан

Тоҥ буору тобулан үүнэрэ.

Күһүнүн көмүс дуйунан

Симиигин алааһым саҕатын.

    Түөлбэлээн олорор дойдубун

   Олуһун даҕаны таптыыбын

   Ахтабын өрүүтүн ыраахтан

   Хатыҥнаах чараҥмын суохтуубун

Төрүт сирим, төрүт дойдум

Өбүгэ саҕаттан, эн эбиккин.

Ол иһин эйиэхэ тардыһыым

Айылҕа сиэринэн ананнаҕа.

 

МЭЙИК  НЭҺИЛИЭГЭ

МЭЙИК  СИРЭ – МИН ДОЙДУМ

Н. Степанов тыллара

А. Васильев мелодията

Кулуба Саабабыт саҕаттан

Куоһанан саргыбыт түстэнэр,

Буучугурас бухатыыр бөҕөспүт

Биһигин ыйаабыт түбэтэ.

Хос ырыата

Түүкээн үрэх тардыылаах,

Түҥ былыргы силистээх

Мэйик сирэ-дойдута

Миэхэ мэлдьи кэрэҕин,

Миэхэ өрүү күндүгүн.

Алтыһа долгуһан көрсөллөр

Алаадьы кэриэтэ алаастар.

Бары да күөллэрэ, тыалара

Балыга, көтөрө дэлэгэй.

Хос ырыата

Саҥаны олоххо киллэрсэн

Сарсыҥҥы күннэрэ кэскиллээх

Сайда тур, үүнэ тур, чэчирээ,

Сайылык, Сайылык барахсан!

 

НАМ  НЭҺИЛИЭГЭ

МИН  НАМЫМ

Илья Кардашевскай тыллара

Александр Романов мелодията

Айан суолун аартыгар

Намым миэнэ көһүннэ

Элбэх араас тутуулар

Киэргэтэллэр кинини.

Намым, Намым мин Намым

Сылын аайы тупсаҕын,

Улаатаҕын кэҥиигин

Уларыйан иһэҕин

Киэһэ аайы кулуубка

Киһи бөҕө мунньустар

Көхтөөх үлэ кэнниттэн

Киинэ көрө, сынньана.

Намым, Намым мин Намым

Сылын аайы тупсаҕын,

Улаатаҕын кэҥиигин

Уларыйан иһэҕин.

Үлэ да хоһууттара,

Сэрии да хорсуннара

Олороллор бу манна

Олус таптаан Намнарын.

Намым, Намым мин Намым

Сылын аайы тупсаҕын,

Улаатаҕын кэҥиигин

Уларыйан иһэҕин.

Айан суолун аартыгар

Намым миэнэ көһүннэ

Элбэх араас тутуулар

Киэргэтэллэр кинини.

Намым, Намым мин Намым

Сылын аайы тупсаҕын,

Улаатаҕын кэҥиигин

Уларыйан иһэҕин .

 

ОҤХОЙ НЭҺИЛИЭГЭ

ОҤХОЙ НЭҺИЛИЭГИН ӨРӨГӨЙ ЫРЫАТА 

Иннокентий Степанов тыллара

Григорий Павлов мелодията

Аһыкай саҕалаах

Түүкээнтэн тардыылаах,

Мэйиктэн биэтэктээх

Орто сир олбохтоох

Үөскээбит түөлбэбит-

Төрөөбүт ийэбит,

Тапталлаах дойдубут

Туругур, Оҥхойбут!

Олохпут уйгутун

Оһуордаан уһансар

Үөдэйтэн  үөдүйбүт,

Биһикпит ыйааммыт

Үөскээбит түөлбэбит

Төрөөбүт ийэбит,

Тапталлаах дойдубут,

Туругур Оҥхойбут!

Чэрдийбит илиилэр

Чиллэттэн киирэннэр

Дойду смр оҥостон

Дьоллорун буллулар

Үөскээбит түөлбэбит-

Төрөөбүт ийэбит,

Тапталлаах дойдубут

Туругур, Оҥхойбут!

Үрдүккэ талаһар,

Үөрэххэ тардыһар

Ыччата кэскиллээх,

Үлэҕэ түмсүүлээх

Үөскээбит түөлбэбит-

Төрөөбүт ийэбит,

Тапталлаах дойдубут

Туругур, Оҥхойбут!

Дьол, үөрүү уйата

Оһуохай дойдута

Удьуора ууһаатын,

Хааннара хаҥаатын!

Үөскээбит түөлбэбит-

Төрөөбүт ийэбит,

Тапталлаах дойдубут

Туругур, Оҥхойбут!

 

ОРОҺУ НЭҺИЛИЭГЭ

ОРОҺУ ЭБЭБЭР

Уйбаан Ороһуунускай тыллара,

Егор Неустроев- Тулуйхан матыыба

Күн уотун кылбатар кынаттаах,

Күөх уутун долгутар балыктаах,

Күлүгүн көрүнэр хатыннаах,

Күннэтэ баһыллар быйаҥнаах.

Хос ырыата

Ороһум барахсан мин дойдум –

Ол иһин долгуйан хоһуйдум.

Үрүмэ долгуҥҥар уйдаран

Күн тахсар эбэбит уутуттан,

Үтүөкэн «Кустукка» куустаран

Күн киирэр Ороһум аатыттан.

Хос ырыата

Үлэһит уолаттар үөскээннэр

Кэрэчээн кийииттэр кэлэллэр,

Кыталык кыргыттар үөрдээннэр

Үчүгэй күтүөттэр үксүүллэр.

Хос ырыата

Сайдыылаах сайаҕас музейдаах,

Сырдыгы сыдьаайар ыаллардаах,

Бүгүрү эдэркээн ыччаттаах,

Бүгүҥҥү кэскилэ аартыктаах.

Хос ырыата

Ороһум барахсан мин дойдум –

Ол иһин долгуйан хоһуйдум.

 

ӨРГҮӨТ  НЭҺИЛИЭГЭ

КЭЛЭ  ТУРУОМ  ӨРГҮӨППЭР

В.С. Нанова- Солдатова тыллара

Николай Чуручанов мелодията

Оҕо сааһым биһигин

Оргууй бигээн ааһаары,

Оһуор-ойуу алааһым

Оһуокайын тутаары

Кэлэ туруом Өргүөппэр,

Кэрэ дьикти дойдубар.

Кэҕэ этэр кэриитин

Кэрийтэлээн кэлээри,

Күөнэх күннүүр күөллэрин

Күлүмнэрин көрөөрү

Кэлэ туруом Өргүөппэр,

Кэрэ дьикти дойдубар.

Хатыҥ чараҥ быыһынан

Аргыый хааман ааһаары,

Суугун нарын лабаанан

Сууланаммын тураары

Кэлэ туруом Өргүөппэр,

Кэрэ дьикти дойдубар.

Үмүлүүнүм үрэҕэр

Сөтүөлээммин үөрээри,

Үрүлүйэр сүүрүгэр

Сөрүүкээммин өрөөрү

Кэлэ туруом Өргүөппэр,

Кэрэ дьикти дойдубар.

Аймах-билэ дьоннорбун

Айхалынан көрсөөрү,

Ахтылҕҥаннаах дойдубун

Алҕаан, таптаан ааһаары

Кэлэ туруом Өргүөппэр,

Кэрэ дьикти дойдубар.

Юрислав Гольдеров “Дьэргэ ахтылҕана”

 

СУРГУУЛУК НЭҺИЛИЭГЭ

ДОЙДУКАМ  БАРАХСАН  СУРГУУЛУК 

Николай Тарасов тыллара Лазарь Филиппов мелодията

Дьиримниир сулустаах халлааным

Сарахтыын ыпсыһар быыһыгар,

Сургуулук – төрөөбүт алааһым,

 Эн миигин кэтэһээр биһикпэр.

Сындалҕан айантан сылайан

 Илин бас сыырыттан туһэргэ,

Сургуулук уоттара сандааран

Кэрэ да буоларыҥ, эбэккэм…

Билиини-көрүүнү батыһан

Ыраата барарбын сайыһан,

Сургуулук киэһээҥи уоттара:

 “Уолчааныам, кэлээр”,- дии хаалтара.

Туонаҕын тулалыы киэргэтэр

Элбэх да дьиэлэрдээх буолбуккун,

Сургуулук, сураххын тарҕатар

Үлэһит дьоннордоох эбиккин.

Дойдукам барахсан – Сургуулук,

Эн ыраас салгыҥҥын ыймахтыам,

Хонуугун, сис тыаҕын, хас күөлгүн

Кэрийэн, сынньанан күүс ылыам.

Дьэ уонна үлэлиэм, ыллыаҕым,

 Айан киэҥ суолугар туруоҕум.

Сургуулук киэһээҥи уоттара,

Кэрэҕэ угуйа тураарыҥ.

 

ТАМАЛАКАААН НЭҺИЛИЭГЭ

ТАМАЛАКААН

Семен Руфов тыла

Иван Федоров мелодията

Кырдал үөһэ сардаҥара

Тахсар күнүн сөбүлээннэр,

Дордуускалар удьуордара

Манна ууһаан үөскээбиттэр…

Ыраах тиийиим, чугас сылдьыым

Өрүү ахтыам, үөһэ тыыныам,

Арыы Тииттээх Сайылыгым,

Таптыыр дойдум Тамалакаан!

Сыалаах оттоох сыһыыларга

Сылгы кистээн дырылаппыт,

Алтан оттоох алаастарга

Атыыр оҕус айаатаабыт…

Ыраах тиийиим, чугас сылдыым

 Өрүү ахтыам, үөһэ тыыныам,

 Бөргөмдөлөөх Арыылааҕым,

Таптыыр дойдум Тамалакаан!

Мантан тыыллан тахсыбыттар

 Кокуоруннар, Чаалбаанаптар,

Уруукаптар, Хобууйаптар,

Маччас курдук барахсаттар…

Ыраах тиийиим, чугас сылдьыым

Өрүү ахтыам, үөһэ тыыныам,

Билиилээҕим, Хараанайым,

Таптыыр дойдум Тамалакаан!

Колхоз туһа дэһэ-дэһэ

Умса-төннө түһэллэрэ,

Алаастарын көмүскэһэ

Арҕаа-илин сүтэллэрэ…

Ыраах тиийиим, чугас сылдьыым

Өрүү ахтыам, үөһэ тыыныам,

 Күргэлээҕим, Харчымаҕым,

Таптыыр дойдум Тамалакаан!

Хайдах эрэ олороллор

 Диэммин сэмээр сураһабын,

Үүнүн-сайдыҥ дуу, оҕолор,

Диэммин испэр баҕарабын…

Ыраах тиийиим, чугас сылдьыым

Өрүү ахтыам, үөһэ тыыныам,

Арыы Тииттээх Сайылыгым,

Таптыыр дойдум Тамалакаан!

 

ТУОБУЙА  НЭҺИЛИЭГЭ

ТУОБУЙАБАР

У. Ороһуунускай тыллара

Т. Сидорова мелодията

Туобуйа-бу мин олоҕум,

Тойуктаах алгыһым аналым,

Төрөөбүт-үөскээбит мин дойдум

Төлкөлөөх, төлөннөөх аргыһым.

Хос ырыата

Дууһабар сып-сырдык ыралаах

Сүрэхпэр өрөгөй ырыалаах

Мин дойдум,

Мин дьолум,

Мин дьонум

Үөрүүнэн көрсөбүн долгуйа.

Ыраата барыахтаах айаммар,

Байанай ыллыктаах сис тыабар,

Өлгөм от үүнүүлээх алааспар-

Тыынар тыын сибиэһэй салгыным.

Туобуйам-эн миэхэ кынатым,

Дьөһөгөй дьоруойдаах киэн туттуум,

Үрдүккэ-кэрэҕэ талаһыым,

Үйэҕэ уостубат тапталым.

 

ҮӨДҮГЭЙ  НЭҺИЛИЭГЭ

ҮӨДҮГЭЙДЭР  ЫРЫАЛАРА

Петр Одорусов тыллара.

Николай Чуручанов мелодията 

Үөдүгэйбит сирэ-уота

Үөрэ-көтө тубуста,

Кыайыы-хотуу эдэр ыччат

 Кырдьаҕаһы солбуйда.

Өбүгэбит төрүт буора

Өҥсүйэрин туһугар,

Олохсуйбут дьоһун ыаллар

 Оҕолорун дьолугар,

Хос ырыата

Үрдүк айыы аймахтара

Үөскээн-төрөөн сылдьабыт

Үөһээ Бүлүү хоһууннара

 Үөдүгэйдэр буолабыт!

 Алдьархайдаах ааспыт үйэ

 Араас кэмин билэбит,

 Аҕа дьоҥҥо сүгүрүйэ

Аатын ааттаан чиэстиибит.

Хос ырыата

Үчүгэйи өрө тутар

 Үөрэҕинэн дьоллоохпут,

Үрүҥ күннүүн тэҥҥэ сырсар

 Үтүөкэннээх дьонноохпут.

 

ҮӨҺЭЭ  БҮЛҮҮ НЭҺИЛИЭГЭ

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтэ» МТ

ӨРӨГӨЙ  ЫРЫАТА

Уран Ньукулай, Уйбаан Оросуунускай тыллара,                   Кирилл Герасимов музыката

Улууһу бүтүннүү түмэргэ аналлаах

Урааҥхай сахабыт уутуйан олорбут,

Уйгулаах түбэҕэ түмүллэн сайдабыт,

Улахан киин буола тэнийэр дойдубут.

Үөһээҥҥи Бүлүүбүт дэнэммит

Үөрүүнэн киэн тутта этэбит,

Өбүгэ үгэһин иҥэрэн

Өрөгөй ырыатын ыллыыбыт.

Хоһуллар Бүлүүбүт холкутук устуоҕа,

Хоһууттар түмсэммит олоҕу тутуоҕуҥ,

Үтүөкэн дьоммутун инники туруоран

Үрдүккэ, сырдыкка дабайа туруоҕуҥ.

  Үөһээҥҥи Бүлүүбүт дэнэммит

Үөрүүнэн киэн тутта этэбит,

Өбүгэ үгэһин иҥэрэн

Өрөгөй ырыатын ыллыыбыт.

 

ХАРБАЛААХ  НЭҺИЛИЭГЭ

ХАРБАЛААХ НЭҺИЛИЭГИН ӨРӨГӨЙҮН ЫРЫАТА

Дмитрий Кононов тыллара

Люция Слепцова-Бандерова – Айыллаана матыыба

Хас киһи төрөөбүт дойдулаах,

Көччүйэ улааппыт уйалаах,

Чыбыыда, Быракааан хаймыылаах,

Биһикпит биһиэнэ Харбалаах.

Майаахы, Эбэ, Харыйалаах,

Нэһилиэк киинэ Күл, Кубалаах.

Түөлбэлээн олорбут Тоҥуулаах,

 Биирдиитэ ураты суолталаах.

Исиидэр Бараахап алгыстаах,

 Күүс ылбыт Улуукан Сыһыылаах,

 Ньукулай Дьокуускай алыптаах,

 Айар тыл иҥэрбит алаастаах.

Үлүскэн үлэҕэ кыайыылаах,

Бар дьонуҥ үтүөкэн майгылаах.

Сырдыкка, кэрэҕэ ыралаах,

 Ыччатыҥ үөрэххэ сыралаах.

Төрөөбүт өҥ буоруҥ  тардыылаах,

Төлкөбүт сандаарар саргылаах.

Үйэни кытта  тэҥ  хардыылаах,

Үүнэҕин, сайдаҕын Харбалаах!

 

 

ХОМУСТААХ  НЭҺИЛИЭГЭ

МИН  ДОЙДУМ

Иннокентьев Е.П.тыла,

Иванов Д.М. мелодията.

Ахтар, саныыр Хомустаахпын

Санаан кэллим мин.

Арыы хатыҥ чараҥнарбын

Мэлдьи ахта саныыбын.

Күлүмүрдэс Бүлүү эбэм

Көмүстүүрэ балыктаах,

Уолбат уулаах Хотун эбэм

Оргууй уста турууй эн.

Хаһан, ханна да буолларбын

Хомустаахпын суохтуубун.

Ахтар, саныыр түөлбэбин

Дуораһыта ыллыам мин.

Дьоһун, мааны дьоннордоох,

Дьикти кэрэ айылҕалаах

Бу мин сирим, бу мин дойдум

Хомустааҕым эбэтэ.

 

ХОРО  НЭҺИЛИЭГЭ

БИҺИГИ ХОРОЛОРБУТ,

БИҺИГИ КҮН ОҔОЛОРОБУТ !

Дьулусхан тыллара,

В. Донской мелодията

Биһиэхэ- Бүлүү эбэ кытылыгар,

Кэрэтиэн эмиэ саас кэлбитэ!

Эн үүнэҕин-сайдаҕын күннэтэ,

Таптыыр Хоробут-дойдубут Хоро!

Хос ырыата

Эҕэрдэ эйиэхэ-дойдум дьонугар,

Эҕэрдэ Эйиэхэ- Ийэ сирбэр-

Оҕо саас дьоллоох биһигэр,

Эдэр саас дьиктилээх туонатыгар!

Үтүмэн дьыллары уҥуордаан

Кэллибит айа-тута, сайда-үүнэ,

Дьоллоох олоҕу түстэһэ

Улуу Хоро хос сиэннэрэ!

Хос ырыата

Үөрэх кынаттанан үрдүккэ тардыһа,

Үлэ аргыстаах олоҕу тутуһа,

Ыччаппыт анала, кэскилэ үрдүккэ-

Хоролор саргылаах олоҕу айабыт!

Хос ырыата

Эбэбит, эн кэрэ таһааҕар

Үйэлэргэ күн умсаахтыыр,

Аҕа көлүөнэ күүрээннээх үлэтэ

Номоххо кэпсэнэр, ырыаҕа ылланар.

Хос ырыата