Өргүөт нэһилиэгэ 1941-1945 сылларга
1. Аҕа дойду сэриитин кэмигэр барыта ыҥырыллыбыта – 106 киһи
2. Сэрии хонуутугар өлбүттэрэ уонна сураҕа суох сүппүттэрэ – 62 киһи
3. Сэрии хонуутуттан тыыннаах эргийэн кэлбиттэрэ – 46 киһи
4. Кыһыл армияҕа ыҥырыллан үлэҕэ бара сылдьыбыттара – 13 киһи
5. Үлэ фронугар үлэлээбиттэрэ – 11 киһи
6. 1941-1945 с.с. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр үлэҕэ килбиэнин иһин медалынан наҕараадаламмыттара – 75 киһи
Өргүөт нэһилиэгин чулуу уолаттара Ийэ дойдуларын өстөөхтөн көмүскүүр мүччүрүйбэт иэстэрин толорууга сэрии маҥнайгы күннэриттэн ыҥырыллыбыттара. 1941 сыллаахха 1 ыҥырыкка 23 киһи хабыллан, сэрии уот будулҕаныгар кытта аттаммыттара. Хомойуох иһин, ити күүстэрин-уохтарын ортотугар мөҥө-дайа сылдьыбыт хаарыаннаах уолаттарбытыттан 5 эрэ киһи тыыннаах, ону даҕаны эттэрэ-хааннара сэймэктэнэн төрөөбүт буордарыгар эргиллибиттэрэ. Бастакы ыҥырыллыбыттар ортолоругар бааллар бырааттыылар Силип уонна Үстүүн Сахаараптар, Алексей Баченков, Тихон Евсеевич Николаев, Федор уонна Алексей Кононовтар, Харлампий Ноговицын уо.д.а. Ити курдук сылын аайы сэрии сылларын устата саҥаттан саҥа ыҥырыы Өргүөт уолаттарын ыҥыран испитэ. Ийэ дойду көмүскэлигэр кыргыһыы уонна үлэ фронун холбуу ылан туран 1941-45 сылларга 130 киһи ыҥырыллыбыта. Итинтэн Өргүөт нэһилиэгин 62 саамай чулуу уолаттара, Аҕа дойду көмүскэлин иһин геройдуу охсуһа сылдьан сырдык тыыннарын толук уурбуттара, 42 буойун төрөөбүт төрүт буорга эргиллэн кэлбиттэрэ. Аҕа дойду улуу сэриитин 41-45 сэриилэспэккэ эрэ советскай армия кэккэтигэр сулууспалаан кэлбиттэрэ 13 киһи уонна үлэ фронугар ыҥырыллан дойду араас куораттарыгар тиийэ тарҕанан үлэлээн төннүбүттэрэ 13 киһи.
