
Үөһээ Бүлүү улууһугар бу дьыл сэтинньи 6 күнүгэр төрөөбүт иҋэ тылбыт хараанньыта, сахалыы саҥабыт эмчитэ, лиҥкибиис-учуонай, саха саарына Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп-Дапсы төрөөбүт күнэ – «БИҺИРЭМ ТЫЛ күнүнэн» бэлиэтэнэр. Төрөөбүт тылбытын өрүтүннэрэр сыаллаах, сахалыы саҥарар, сахалыы толкуйдуур ыччаттары иитэн таһаарар сөптөөх үлэни-хамнаһы өрө тутуохха диэн барыгытын ыҥырабыт!
Сэтинньи 7 күнүгэр «Биһирэм тыл күнүн» иитинэн үһүс төгүлүн «Дапсы дьыктаана» аахсыйа ыытыллар.
Сахалыы саҥарарга үөрэнэн, сорох тылы саҥаттан билэн, дорҕооҥҥо болҕомто ууран үөрүйэх үөскээтэр диэн баҕалаах бу этиибитин иилэ хабан ылан өйүөхтэрэ, кыттыахтара диэн эрэнэбит.
Буолар сирэ: Өргүөт билиитиэкэтэ
Буолар бириэмэтэ: 15:00