
Муус устар 27 күнүгэр Өргүөт нэһилиэгин сынньалаҥ киинигэр Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин күнүгэр аналлаах тэрээһин буолан ааста.
Сахабыт Өрөспүүбүлүкэтин тэрийээччилэрин М.К Аммосов, И.Н. Барахов, П.А. Ойуунускай уонна С.М. Аржаков тустарынан олус сэргэх, сонун виртуальнай быыстапканы көрдүбүт. “Сахам сирин устун айан” өркөн өй оонньууга үс хамаанда кыттан бэйэлэрин билиилэрин тургуттулар. Ол курдук “Күрэнчэ сиэннэрэ” хамаанда үһүс, “Тегро” хамаанда иккис, “Бараахап ыччата” хамаанда бастакы миэстэни ыллылар???
Түгэнинэн туһанан Өргүөппүт Трофим Иустинович Петров аатынан орто оскуола коллективыгар, оҕолорго көхтөөх кыттыыны ылбыттарыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит.







