
Балаҕан ыйын 26 күнүгэр “Туллукчаан-ОТ” уһуйаан улахан бөлөҕүн оҕолоругар “Мин саха сирин оҕотобун” диэн бэсиэдэ ыыттыбыт, оҕолорго саха былааҕын туһунан кэпсээбиппит кэннэ саха былааҕын кырааскалаатылар.



Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Өргүөт нэһилиэгэр «Сахам Сирэ Сүрэхпэр» судаарыстыбанныс күнүн үөрүүлээхтик арыйыы буолла.
Библиотекаҕа “Горжусь тобой, Якутия моя!” кинигэ быыстапката тэрилиннэ. «Саха Сирэ – мин дойдум» өркөн өй оонньуута буолла. Оонньууга 4 хамаанда кыттыыны ылла. “Үмүлүүн” 1 миэстэ, “Туллуктар” 2 миэстэ, “Тойокулар” 3 миэстэ буоллулар.





«Сахабыт былааҕын өрө тутан» массыынанан ыччаттар Өргүөт-Муус аппа баран Муус аппаны ыраастаан кэллилэр.