
Ахсынньы 12 күнүгэр, дойду үрдүнэн Россия Конституциятын күнэ бэлиэтэнэр. Конституция күнүн көрсө Т.И. Петров аатынан Өргүөт орто оскуолатыгар Быракаан уонна Өргүөт оскуолаларын оҕолоро кыттыылаах киһи быраабын туһунан квиз оонньуу буолла. Оҕолор “Мохсоҕоллор” уонна “Арбаҕастаах” диэн ааттаах хамаанданан арахсан быраабы төһө билэргэ күрэхтэстилэр.
Конституция туһунан беседа иһиттилэр, викторинаҕа эппиэттээтилэр, куар кодунан виртуальнай оонньууга телефонунан киирэн “Каждый ребенок имеет право” диэн оонньууга оҕо быраабын статьяларыгар көппүт тыллары туруордулар, Немец поэта Генрих Гейне сокуон туһунан этиитин зеркальнайдык, спираль быһыытынан суруллубутун аахтылар, Коррупция диэн тугун билистилэр уонна хас биирдиилэригэр “Стоп коррупция” буклет туттарылынна.




