
Бүгүн олунньу 10 күнүгэр Өргүөт библиотекатыгар Үөһээ Бүлүү оройуона төрүттэммитэ 90 сылыгар аналлаах оскуола оҕолоругар “Төрүт сирбит – Үөһээ Бүлүү” диэн квиз оонньуу буолла. Оҕолор “Үс хоһуун” уонна “Тойоку” диэн икки хамаандаҕа арахсан оонньоотулар. Аан бастаан Үөһээ Бүлүү оройуона 1935 сылга оройуон быһыытынан хайдах саҕаламмытын туһунан иһитиннэриини сэргээн иһиттилэр. Оонньуубут бастакы түһүмэҕэ викторинаҕа эппиэттээһин, иккис түһүмэххэ өрөгөй ырыатыгар көппүт тыллары суруйдулар, үһүс түһүмэххэ QR кодунан киирэн Үөһээ Бүлүү нэһилиэктэрин ааттарын ханыы ааттарын буллулар, төрдүс түһүмэххэ нэһилиэктэр гербэлэрин паараларын буллулар. Күрэхпитигэр “Тойоку” хамаанда командир Айтал Иннокентьев бастаата. Мероприятиебытыгар кэлэн кыттыбыт оҕолорго, көрөөччүлэрбитигэр, учууталларга махталбытын тиэрдэбит.


