Олунньу 13 күнүгэр “Туллукчаан-от” уhуйааныгар саха тылын уонна суругар бичигэр аналлаах тэрээһин ыытылынна. Оҕолор саха норуотун бастакы лингвист – ученайа С.А. Новгородов олоҕун, алпаабытын, букубаарын туһунан билистилэр.Саха норуодунай поэта П. Тобуруокап “Билэр букваларым” хоһоонун долгуйан туран аахтылар. Оҕолор саха үңкүүтун үнкүүлээтилэр, авангарднай муода көрдөрдүлэр.



Т.И. Петров аатынан Өргүөт орто оскуолатыгар “Таптыыр сахам тылынан…” өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыктаан ыытылынна. Дьыктааҥҥа 7 оҕо кытынна, ол иһигэр 3-4 кылаастарга – 4 оҕо, 7-8 кылаастарга – 3 оҕо кыттыыны ыллылар. Туйгуннук толордулар Эльдар Андреев уонна Ира Михайлова.


Олунньу 14 күнүгэр “Туллукчаан-от”уһуйаан оҕолоро бибилэтиэкэ иһинэн баар музейга ыалдьыттаатылар, сахалыы иһиттэри көрдүлэр, билистилэр, саха иһиттэрин туһунан хоһооннорун аахтылар. “Чуораанчык” сурунаалы сэргээн көрдүлэр.



Олунньу 15 күнүгэр олохтоох бибилэтиэкэҕэ сылын аайы ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Сахалыы дьыктаан» аахсыйаҕа кыттан буойун суруйааччы Тимофей Сметанин «Кыайбыттар ыһыахтара» кэпсээниттэн быһа тардыыны суруйдубут. Дьыктааны саха тылын уонна литературатын учуутала Эльза Устиновна Васильева суруйтарда. Дьыктааны 11 киһи суруйда.
«Бастыҥтан бастыҥ суруксут» аатын ыллылар :
Кириллина Людмила Михайловна, Николаева Лариса Васильевна, Михайлова Анна Ивановна, Захарова Ирина Ильинична. Дьыктааҥҥа кыттыбыт дьоммутугар, көмө буолбут учууталларбытыгар махтал тылларын этэбит.
