
Ил Дархан Айсен Николаев 2023-2027 сс. Өксөкүлээх Өлөксөй сылларынан биллэрбитэ. Кулун тутар 16 күнүгэр саха литэрэтиирэтин төрүттээччи, бөлүһүөк Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүт күнэ.
Кулун тутар 15 күнүгэр Өргүөт нэһилиэгэр Трофим Иустинович Петров аатынан Өргүөт орто оскуолатыгар, библиотекаҕа “Свет Кулаковского – Өксөкүлээх Сардаҥата” диэн аахсыйа ыытылынна. Алексей Елисеевич Кулаковскай оҥорбут сүҥкэн кылаатыгар сүгүрүйэн кинигэ быыстапката турда. Аахсыйа кыттыылаахтара «Путь в вечность» диэн Алексей Елисеевич Кулаковскай олоҕун сырдатар документальнай киинэ көрдүлэр.





