
Воронкин Петр Спиридонович
(1913 – 1943 с с.)
1913 сыллаахха, Хаҥырыҥдаҕа дьадаҥы кэргэнтэн төрөөбүтэ. Воронкин 1929 – 1930 сыллардаахха 3 кылааска үөрэммитэ. Үөрэҕин олус үчүгэйдик билэр, көссүө майгылаах улахан уол этэ. Сэттис кылааһы 1934 сыллаахха бүтэрбитэ. Онтон ыла учууталлаабыта. Аан маҥнай М.А. Егоровы кытта Баппаҕаайыга үлэлэспитэ. Онтон субуруччу үс сыл Тойокуга, Ороһуга учууталлаабыта. Музыкаҕа талааннаах, атах оонньуутугар кыахтаах спортсмен этэ. Кылыырга, буурга оройуон бирииһин куруук ылара. Күүһүнэн да олус күүстээх эрээри дьарыктамматаҕа быһыылаах. Ороһуга олорон, тустууга Туораахарап диэн оройуон оччолорго призерын, ыраастык охторбута. Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэриигэ 1942 сыллаахха барбыта. «Москваттан фроҥҥа тимир суолунан баран иһэбит. Өстөөхтөр сыыһа – халты буомбалыыллар» – диэн суруйбута. 1943 сыллаахха бэс ыйыгар өлбүт. Көмүллүбүт сирэ биллибэт.
Кини бастыҥ ыччат этэ
Петр Спиридонович Воронкин 1913 сыллаахха Өргүөт нэһилиэгэр Бэрэ Быһыттааҕар төрөөбүтэ. Кини 14 саастааҕар оскуолаҕа үөрэнэ киирбитэ. 1932 сыллаахха 7 кылааһы бүтэрбит уол Бүлүү куоратыгар икки ыйдаах учуутал курсугар үөрэммитэ. Дьөккөҥҥө, Баппаҕаайыга, Өргүөккэ, Ороһуга, Быракааҥҥа учууталлаабыта, директордаабыта.
Кини педагог быһыытынан оҕолорго ытыктанара, бэйэтигэр оҕону тардар ураты хаачыстыбалааҕа. Петр Спиридонович бэртээхэй музыкант этэ. Балалайкаҕа, гитараҕа олус үчүгэйдик оонньуура. П.С. Воронкин бэйэтин оройуонугар уонна Бүлүүгэ сахалыы атах оонньуутугар тэҥнээҕин булбатаҕа. Бэрт сэниэлээх эрээри тустубатаҕа. Кини спортивнай көрдөрүүлэрин туһунан хаһыакка балачча сырдатыллан турар.
30-ус сыллардаахха саха эдэр ыччата үөрэҕи ылынан сайдан- үүнэн барбыта. Ити сайдыы бастакы кэмигэр үөрэхтээх ыччаттартан бэрт элбэх киһи айар үлэҕэ күүһүн холонор буолбута. П.С. Воронкин “Кырдаҥныырап” диэн литературнай псевдонимынан хоһоон суруйар этэ. Ол туһунан И.К.Васильев “Доҕорум туһунан”диэн ыстатыйатыгар ( «Бэлэм буол” 1974 с. алтынньы 3 к.) ахтыбыта. Петр Спиридонович итини таһынан оскуолатааҕы истиэнэ хаһыатыгар араас формалаах юмористическай хоһооннору суруйара. Кини элбэхтик ааҕара, активнай общественник этэ. Ити барыта кини олох инники күөнүгэр сылдьыбытын туһунан кэпсииллэрэ.
Петр Спиридонович Быракаан осуолатыгар учууталлыы олорон бэбиэскэ туппута уонна 1942 сыл бэс ыйын 20 күнүгэр уоттаах сэриигэ аттаммыта. Кини Иркутскайга тиийэн иһэн бэс ыйын 20 күнүгэр маннык суруйбута: ”Чарастаев Данил Григорьевиһы кытта айаннаан иһэбит. Ханна тиийбит сирбититтэн суруйуоҕум. Эһиги күүскүтүн харыстаабакка Аҕа дойдугут көмүскэлин туһугар үлэлээҥ, оттон биһиги хааннаах фашистары кытта уун-утары охсуһа баран иһэбит…». Кини бу бүтэһик суруга этэ.
1942 сыл ахсынньытыгар П.С. Воронкин сураҕа суох сүппүтүн туһунан биллэрии кэлбитэ. Кинини кытта бииргэ сэриилэспит Туобуйа оскуолатын учуутала Тимофеев Азар Капитонович дьонугар маннык суруйбут этэ: “Ленинград туһаайыытынан айаннаан истэхпитинэ П.С. Воронкин олорбут вагонугар бомба түспүтэ, онтон туох да ордубатах этэ”. Петр Спиридонович Свердловскай куораттан чугас “Юг” диэн станцияҕа тиийбитэ, бэйэтэ тылланан Азар Тимофеевы, Алексей Баченковы кытта 18-с хайыһар батальонугар барбытын туһунан Д.Г.Чарастаев кэпсиир. П.С. Воронкин фроҥҥа хайдах сылдьыбытын, хайдах өлбүтүн туһунан сырдатар докумуоннар суохтар, арай кини Ленинград оборонатыгар кыттыбыта чуолкай.
Онон чахчы даҕаны сэмэй, бэртээхэй ыччат күөгэйэр күнүгэр сылдьан кыргыс хонуутугар охтубута. Улуу Кыайыы 35 сылын бэлиэтиир кэмҥэ Воронкин П.С. курдук сэрииттэн эргиллибэтэхтэр ааттара биһиэхэ ордук күндүтүк иһиллэр.
Меланья Спиридоновна Воронкина
“Коммунист сардаҥата», № 54, ыам ыйын 6 күнэ, 1980 сыл
| Фамилия Воронкин Имя Петр Отчество Спиридонович Дата рождения/Возраст __.__.1914 Место рождения Якутская АССР, Верхневилюйский, д. Тойоку Причина выбытия убит Дата выбытия 31.10.1942 Первичное место захоронения Калининская обл., Зубцовский р-н, д. Векшино Название источника донесения ЦАМО Номер фонда источника информации 58 Номер описи источника информации 818883 Номер дела источника информации 1797 |

