
Өргүөт модельнай библиотекатыгар үгэскэ кубулуйбут, күүтүүлээх «Библионочь-2025» тэрээһин детсад, оскуола оҕолоругар уонна улахан дьоҥҥо тус туһунан буолла. Быйылгы тэрээһин Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх 80 сылыгар ананна.
Муус устар 25 күнүгэр “Туллукчаан-от” оҕо уһуйаанын кырачааннарыгар тэрээһин ыытылынна. Кырачааннар Кыайыы туһунан хоһооннору аахтылар, ветераннар тустарынан ырыалары ыллаатылар. Раскраска “Символы Победы” акцияҕа кыттан Кыайыы символларын кырааскалаатылар.








Муус устар 26 күнүгэр тэрээһини олохтоох дьаһалта специалиһа Семен Владимирович Тобохов арыйда, Аҕа дойду сэриитигэр биһиги биир дойдулаахтарбыт, Саха сирэ сэриигэ кыттыытын туһунан сырдатта.Тэрээһиммит оҕолорго ” Саллаат суруктара” диэн теманан интэриэһинэйдик, дириҥ ис хоһоонноохтук буолла. Оскуола учуутала Лариса Васильевна Николаева биэс ини-бии Федоровтар хорсуннук сэриилэспиттэрин туһунан кэпсээн баран П.Н.Тобуроков ” Биэс сурук” хоһоонун, биир дойдулаахтарбыт, Ийэ дойдуларын туһугар олохторун толук биэрбит Лазарь Захаров суругун сэттис кылаас үөрэнээччитэ Саша Лепчиков, Федор Туттукуров суругун Артем Мачахтыров аахтылар. Библиотекарь Ирина Ильинична Захарова салалтатынан оҕолор билигин анал байыаннай дьайыыга сылдьар саллааттарга сурук суруйдулар, Үс муннук конверт оҥорорго Оксана Николаевна Васильева үөрэттэ, морзе азбукатынан секретнэй дааннайдары ыытарга, сэрии саҕанааҕы открыткалары мозаиканан таҥарга куоталастылар, аныгы технологиянан куйаар куодунан киирэн военнай символлары, мэтээллэри, орденнары таҥаннар биллилэр , ону таһынан Алена Витальевна Прокопьева Кандинскай программанан туһанарга үөрэттэ.
Киэһэ 7 чаастан улахан дьоҥҥо Анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар анаан харыстыыр араҥаччылыыр дэйбиир оҥоһуутугар маастар кылаас буолла. Маастар кылааһы Дмитриева Галина Ивановна ыытта. Барыта 43 харысхал дэйбиир оҥоһулунна.


Ону тэҥэ араас фотозоналар оҥоһуллан сэҥээриини ыллылар. Ол курдук ини бии Туттукуураптарга аналлаах фотозона, СВО-ҕа сырдык тыыннарын толук уурбут ыччаттарбытыгар, саллааттар хаартыскаларынан оҥоһуллубут өйдөбүнньүк истиэнэтэ уо. д.а.
Тэрээһин кыттааччыларыгар “Стих в кармане” (“Сиэп иһигэр хоһоон”) акцияҕа кыттыһан хас биирдиилэригэр “Буойун суруйааччылар умнуллубат строкалара” уонна “Кыайыыга кынаттаабыт ырыалар” диэн теманан хоһооннору бэлэх туттулар уонна дьиэлэригэр дьиэ кэргэннэрин кытта ааҕан кыттыстылар.
Олохтоох дьаһалта бу ыытыллыбыт тэрээһиммитин өйөөн араас минньигэс бириистэринэн көмөлөстүлэр, оҕо аймахха үгүс үөрүүнү бэлэхтээтилэр.









