
Хаһыҥ түһэн сарсыарда
Хатыҥ чараҥ кырыарда.
Сэбирдэхтэр туруттан
Сиргэ дайан түстүлэр.
Кустар хоту дойдуттан
Куһугуруу көттүлэр,
Эриэн ситим быа хатан,
Эймэннилэр үөр хаастар.

Саха киһитэ өбүгэ саҕаттан күн-дьыл туругун кэтээн көрөрө, айылҕа туругунан инникитин хайдах күн-дьыл буолуохтааҕын сьлыктыыра, билгэлиирэ. Күн дьыл билгэтэ – Өбүгэлэрбит күнү дьылы билгэлээн, халлаан туругун, от – мас үүнүүтүн, кыыл – көтөр сырыытын эндэппэккэ сылыктаан, үлэлэрин хамнастарын лоп бааччы аттаран, олохторун – дьаһахтарын эрдэттэн тэринэллэрэ.
- Тэллэй хойутаан таҕыстаҕына – күһүнэ уһуур,
- Тэллэй эрдэ уонна элбэхтик таҕыстаҕына күһүнэ кылгас буолар,
- Тэллэй аҕыйах эбэтэр олох да үүммэтэх сайыныгар – кыһынын хаара халыҥ уонна кытаанах, оттон элбэхтик үүммүт сайыныгар кыһынын хаара чараас буолар,
- — Үһүс Ыспааһап (атырдьах ыйын 29 күнэ) саҕана туруйа көттөҕүнэ, күһүнэ уһуур,
- Хатыҥнар күһүн чыпчаалларыттан саһардахтарына, эһиилигэр саас эрдэ кэлэр, оттон аллараттан саһардахтарына саас хойутаан кэлэр,
- Кумаар күһүн хойутаан тыҥкынаатаҕына, кыһына сымнаҕас буолар,
- Күһүн кумаар хойутаан өллөҕүнэ, ичигэс уонна уһун кыһын буоларын күүтэллэр,
- Күһүн сэбирдэх үксэ умса түстэҕинэ, эһиилигэр өҥ сайын кэлэр,
- Күһүн тэллэй, отон өлгөмнүк үүннэхтэринэ, кыһынын чараас хаардаах, тымныы дьыл буолар,
- Күһүөрү сайын (атырдьах ыйын ортотугар) хатыҥ, талах сэбирдэхтэрэ эрдэ саһардахтарына кыһын эрдэ кэлэр,
- Күһүөрү сайын күөлгэ балык хойуутук үөрдээтэҕинэ, мууһу аннынан муҥхалааһыҥҥа сиэтимтиэ буолар,
- Лэбириэнтий күнүгэр (атырдьах ыйын 23 күнэ) күн маҥнайгы аҥаарыгар күөл уутун одуулаһаллар, онуоха күөл долгуна суох чуумпу буоллаҕына, күһүнэ чуумпу, онон кыһыныгар улахан тыала-кууһа суох буолар,
- Ньургуһун, онтон да атын сир симэҕэ, оттор атырдьах ыйыгар хойуутук тахсыбыт буоллахтарына, сыһыыга үөн-көйүүр элбиир, тыаҕа тэллэй хойуутук тахсар.
- Көтөрдөр күһүн аллараанан аастахтарына тымныы кыһын буолар.
- Ардахтаах күһүн буоллаҕына, эһиилигэр хаардаах саас буолар.
- Отон элбэх күһүнүгэр кыһына тымныы, сааһа тыала-кууһа суох кураан буолар.
- Тураах үрдүк маска олорор буоллаҕына, дьогдьоот дьыл, сотору кэминэн ардах да, хаар да түспэт күннэрэ буолуохтаахтар.
- Хараҥаччылар күһүн дойдуларыттан хойутаан бардахтарына, кыһын хойутаан кэлэр, эрдэ бардахтарына, кыһын эрдэлиир.
- Күһүн үгэнэ — балаҕан ыйын 14 күнүттэн балаҕан ыйын 25 күнүгэр диэри, барыта 11 күн. Айылҕа алтан көмүһүнэн симэнэр. Көтөр үксэ барар.
- Ыкса күһүн 10 күннээх: балаҕан ыйын 26 күнүттэн алтынньы 5 күнүгэр диэри. Бүтэһик хаас, куба киирэллэр. Кыһын саҕаланыан иннэ 17 күннээх. Ол алтынньы 5 күнүттэн алтынньы 22 күнүгэр эбэтэр маҥнайгы хаартан күөл туруор диэри кэм. Онон күһүн 67 күннээх.
- Былыр саха дьоно, өбүгэлэрбит күнү-дьылы билгэлиир үгэстээхтэр. Балаҕан ыйынан кыһын эрдэлиэн эбэтэр хойутуон сөбүн быһаараллара. Бу ый 21 күнүгэр сырдык уонна хараҥа тэҥнэһэр. Ити күнтэн ыла түүнэ баһыйан барар.
- Балаҕан ыйын 19 күнэ – хаар хаһыҥ түһэр.
- Балаҕан ыйын 20 күнэ – хаастар бараллар, аҥыр хаһыытыыр.
- Балаҕан ыйын 24 күнэ – Ый туолуута. Силбик түһэр.
- Балаҕан ыйын 27 күнэ – Иһийээнэп. Сир тоҥор таҥарата.
- Балаҕан ыйын 28 күнэ – үүнээйи силис тардара тохтуур.

Күһүнү таптыыбын,
Күһүнү күүтэбин.
Дыссаакка барарбын,
Элбэхтэ оонньуурбун.
***
Көмүс күһүн күлбүтэ,
Сэбирдэҕи көтүтэ.
Ардахтары түһэрэ,
Чалбахтары элбэтэ.
***
Саппыкыны кэтэммит,
Чалбахтан куттамаппыт.
Сүүрүктэргэ күн уотун.
Эккирэтэ оонньуубут.
Ылыаҕым зонтикпын
Таһырдьа тахсарбар.
Ийэбин кытары
Күүлэйдии барарбар.
Тоҕо күһүн сэбирдэхтэр,
Тыалы кытта сырсаллар.
Уонна көбүөр кэриэтэ
Суолга оһуор тиһэллэр.
Күһүңңү сэбирдэхтэр
Тыалы кытта элиэтии
Сэбирдэхтэр көтөллөр,
Ыллык суолу бэлиэтии
Көбүөр тиһэ түһэллэр.
Үрэх устун устаннар.
Умсаахтаана оонньууллар.
Сахам сирин бүтүннүү,
Көмүс дуйга суулууллар.
Көмүс күһүн кэлбитин
Бэлиэтииллэр кинилэр.
Үөрэх дьыла үүммүтүн
Үөрэ көтө кэпсииллэр.
Көмүс күһүн үлэтэ
Көмүс күһүн бэлиэтэ
Үтүө үлэ түмүгэ,
Саха куттаах барыта
Кэтэһэр бириэмэтэ.
Оҕуруоттан үүнүүнү
Хаһааналлар ийэлэр,
От үлэтин түмүктээн
Астыналлар аҕалар.
Оҕолор барытыгар
Кыттыһа хаамсаллар,
Дьиэ кэргэн үлэтигэр
Кыра саастан сыысталлар.
Көмүс күһүн күлүмнээн, көөчүктээн
Кэллэ дии, доҕоттоор, саһарҕалыы мичээрдээн,
Саһарбыт сэбирдэҕи кэмэ суох тамнаан
Сахаҕа баай быйаҥы утары уунан.
Көмүс дуй, дууһабытын манньытан
Көнньүөртэ, харахпытын саататан,
Күһүн, эн, кэрэҕин, эриэккэскин
Күндүлүүгүн сүргэбитин көтөҕөн…
Күһүн үгэнэ. П. Тобуруокап
Айылҕа эмиэ кэһиилээх ийэ
Истинньэҥ иэйиитин иэйдэ,
Күлүмнүү түстэ саһархай имэ,
Көхсүттэн кэһиитин түһэрдэ.
Араҕас куоласпыт алаадьы сыттаах,
Алааспыт үүт-сүөгэй салгыннаах,
Барыта ол курдук олустук
Астына өҥсүйэн налыйда холкутук.
Ойуурбут оһуора хонууттан ордубут,
Умайар-кытыастар ойуута хойдубут.
Оннооҕор салгытар саппахтаах ардахтар
Уос аайы оонньообут мичээри саппаттар.
Күһүнү таптыыбын. В.Башарин
Сибиэһэй тыалынан салгытар
Сөрүүҥҥэ хаамабын,
Бу кыһыл көмүстүү кылбайар
Күһүнү таптыыбын.
Эриэккэс чуумпуга бигэтэн
Сир-дойду иһийэр,
Халлаан күөх дуйу үллүнэн
Тунаарар, киэркэйэр.
Мин тулам нуһараҥ, сымнаҕас
Салгынныын сайаҕас,
Күндээрэр күннээх бу күһүнү
Ол иһин сөҕөбүн!
Сибиэһэй тыалынан салгытар
Сөрүүҥҥэ хаамабын,
Бу кыһыл көмүстүү кылбайар
Күһүнү таптыыбын.
Көмүс тыалар суугунууллар. П. Тобуруокап
Кыһыл көмүс умнастаах,
Кыһыл көмүс лабаалаах,
Кыһыл көмүс мутукчалаах,
Кыһыл көмүс лоһуордаах
Улуу тайҕам суугунуур,
Уорастыйа куугунуур!
Кыһыл көмүс сэбирдэхтэн
Кыһыл көмүс таммахтар
Кыһыл көмүс ыллыктарга –
Кыһыл көмүс көбүөргэ
Топ-топ тохтон түһэллэр,
Тута иҥэн сүтэллэр.
Кыһыл көмүс саҕахтар,
Кыһыл көмүс алардар,
Кыһыл көмүс кэриилэр,
Кыһыл көмүс сиксиэрдэр,
Кыһыл көмүс ырыаларда
Ыллааҥ эрэ сүрэхпэр!