
Алтынньы 1 күнүгэр Өргүөттээҕи олохтоох библиотекаҕа аҕам саастаахтар күннэрин чэрчитинэн “Эмтээх от – эмтиир күүһэ ” диэн маастар-кылаас ыытылынна. Тэрээһиҥҥэ нэһилиэк олохтоохторо, кыттыыны ыллылар. Маастар-кылааска Христина Васильевна Былкова алтаай эмтээх отторунан хайдах эмтэнэри билиһиннэрдэ, каркаделаах чэй туһатын, албастарын биллибит, амсайдыбыт, ону тэҥэ саастаах дьон хайдах зарядканы оҥоруохтарын сөбүн көрдөрдө, сүбэ-ама биэрдэ. Христина Васильевна күөрчэхтээх лэппиэскэтин амсайдылар, ыйытыктарыгар толору хоруйу ыллылар. Ону тэҥэ олохтоох балыыһа фельдшерэ Иванова Валентина Ивановна давление кээмэйдээтэ. Тэрээһин кыттыылаахтара дуоһуйан-астынан бардылар. Тэрээһиммитигэр кэлэн отунан эмтэнии албастарын билиһиннэрбит Былкова Христина Васильевнаҕа, фельдшер Иванова Валентина Ивановнаҕа махталбытын тиэрдэбит!


