Оллоонноон олорон олоҥхолуубут

Олоҥхо саха омук былыыр-былыргы дьыллар быыстарыттан сырдык уонна хараҥа, айыы уонна абааһы аймахтара утарыта турууларын, күрсүүлэрин туһунан уостан уоска бэриллэн кэлбит уус-уран айымньыта буолар. Олоҥхо киһи өркөн өйүн күүһүн күдэҕин кыаҕынан айыы аймаҕын күөмчүттэн көмүскүүр үрдүк аналын хоһуйар.

Ол курдук, бу дьоһуннаах Олоҥхо күнүгэр, “Оллоонноон олорон олоҥхолуубут” диэн тэрээһиҥҥэ, Өргүөт нэһилиэгин тэрилтэлэрин үлэһит дьоно, эдэр ыччат – олоҥхону дьиҥнээхтик таптыыр, кэрэтин өйдүүр, кэскилин түстүүр тэрээһиҥҥэ биир сомоҕо буолан кытыннылар.

Иннокентий Бурнашев-Тоҥ Суорун “Дыырай Бөҕө” олоҥхотун оллоонноон олорон аахтылар.Бу курдук Өргүөт нэһилиэгэр саханы саха дэппит олоҥхобут күнүн олус үчүгэйдик бэлиэтээн аастыбыт. Үйэлэргэ уруйдана тур, сүдү Олоҥхобут!