Сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарар олоҥхо баай тылын- өһүн, билиини- көрүүнү кэҥэтэр сыаллаах, Олоҥхо декадатын чэрчитинэн биллэриллибит, Өрөспүүбүлүкэтээҕи «ОЛОҤХО ДЬЫКТААНА — 2025» аахсыйаҕа уопсайа 7 киһи суруйда. «Бастыҥтан бастыҥ суруксут » үрдүк ааты ыллылар: Андреева Анна Ивановна — Өргүөт орто оскуолатын учуутала , Захарова Мария Николаевна — пенсионерка, Захарова Ирина Ильинична- Өргүөт модельнай библиотекатын заведующайа. Маны таһынан «Бастыҥ суруксут» ааты ыллылар: Иванова Марианна Николаевна, Павлова Тамара Гаврильевна, Миронова Сайыына Степановна, Петрова Наталья Кимовна. Дьыктааны аахта Васильева Эльза Устиновна.
