Үөһээ Бүлүүм сайда тур!

Үөһээ Бүлүү улууһа төрүттэммит , олунньу 10 күнүгэр Өргүөт олохтоох библиотекатыгар “Үөһээ Бүлүүм сайда тур!” квиз оонньуу буолла. Оонньуубут 4 түһүмэхтэн турар.

1 түһүмэх. “Төрүт сирбит-Үөһээ Бүлүү” тургутук

2 түһүмэх. “Үөһээ Бүлүү улууһун нэһилиэктэрин ханыы ааттарын бул” QR кодунан киирэн оонньуу

3 түһүмэх. “Нэһилиэктэр дьаралыктарын паараларын бул” QR кодунан киирэн оонньуу

4 түһүмэх. “Исидор Барахов үөрэммит кыһаларын суолунан айан” остуол оонньуута

И.Н. Барахов аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннаһын музейа, Харбалаах нэһилиэгин модельнай библиотеката оҥорбут остуолун оонньуута.

Оонньууга 4 хамаанда кыттыыны ылла.

Бу күн Өргүөт орто оскуолатыгар улуус төрөөбүт күнүгэр аналлаах медиаурок буолла. Оҕолор төрөөбүт улуустарын туһунан билистилэр “Исидор Барахов үөрэммит кыһаларын суолунан айан” остуол оонньуутун оонньоотулар.