Сомоҕо домоҕу төһө билэҕин?

 Күндү доҕоттор! Сомоҕо домох ийэ тылбыт этигэн кэрэтэ, бэргэн этиитэ буолар. Саха тыла муҥура суох баай, хомоҕой. Ордук уус-уран күүстээх сомоҕо домох (фразеологизм) буолар. Бу ньыма көмөтүнэн араас суолтаны аҕыйах тылынан бэргэнник уот харахха этэн кэбиһиэххэ сөп. 

Тылгыт баайын хаҥатар, сайыннарар сыаллаах-соруктаах СОМОҔО ДОМОХ ООННЬУУТУГАР ыҥырабыт!
Умнубуккутун өйдүөххүт, саҥаны сомсуоххут диэн эрэнэбит!