
Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүнэн сылын аайы ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сахалыы дьыктаан” аахсыйа быйыл 12-с төгүлүн олунньу 13 күнүгэр Өргүөт модельнай библиотекатыгар буолла. Барыта уон биэс киһи кытынна. Дьыктааны 14 киһи суруйда. Дьыктааны Өргүөт культурнай спортивнай киинин методиһа Оконосова Айыына Алексеевна аахта. Бастыҥтан бастыҥ суруксутунан буоллулар: Васильева Эльза Устиновна, Петрова Евдокия Юрьевна, Захарова Ирина Ильинична. Бастыҥ суруксут буоллулар 7 киһи.Төрөөбүт тылы уонна култуураны өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун ортотугар тарҕатарга туһуламмыт аахсыйаҕа көхтөөхтүк кэлэн кыттыбыт дьоммутугар барҕа махтал!



