
Кулун тутар 30 күнүгэр Өргүөт модельнай библиотекатыгар “Николашкиннар. Утум салҕанар” кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Кинигэни уоллара космофизик идэлээх Семен Викторович уонна кэргэнэ Антонида Анатольевна Николашкиннар суруйан таһаарбыттар. Көрсүһүүгэ Семен Викторович быраата Герасим Викторовичтыын уонна кэргэнэ Антонида Анатольевнаны кытта кэлэн кинигэ сүрэхтэниитин ыыттылар. Кинигэҕэ Үөһээ Бүлүү улууһун Хоро олохтоохторо, элбэх оҕо ийэтэ, аҕата, эбэтэ, эһэтэ Алексеева Мария Герасимовна, Николашкин Виктор Гаврильевич 100 саастарын туолбуттаргыгар анаан оҕолоро-аймахтара, доҕотторо, ыкса ыаллара суруйбут ахтыылара киирэллэр. Николашкиннар ийэлэрэ Алексеева Мария Герасимовна Өргүөт нэһилиэгэр “Дуһулҕа” диэн сиргэ төрөөбүтүн кэпсээтилэр. Өргүөккэ олорор аймахтарын билсэр баҕа санаалаахтырын, ийэлэрин төрүтүн билиэхтэрин баҕаралларын эттилэр. Көрсүһүүгэ кэлбит “Дуһулҕа” диэки олорбут төрүттэрдээх олохтоохтор бу дойду туһунан кэпсээтилэр, Өргүөт иһигэр баар уһаайбаларын көрдөрдүлэр. Дьарааһыннар олорбут кэмнэриттэн баар ампаардарын көрөн сүрдээҕин үөрдүлэр, өбүгэлэрин уһаайбатыгар хаартыскаҕа түстүлэр.



