Өргүөт нэһилиэгэ 1941-1945 сылларга

1.         Аҕа дойду сэриитин кэмигэр барыта ыҥырыллыбыта – 106 киһи

2.         Сэрии хонуутугар өлбүттэрэ уонна сураҕа суох сүппүттэрэ – 62 киһи

3.         Сэрии хонуутуттан тыыннаах эргийэн кэлбиттэрэ –  46 киһи

4.         Кыһыл армияҕа ыҥырыллан үлэҕэ бара сылдьыбыттара – 13 киһи

5.         Үлэ фронугар үлэлээбиттэрэ – 11 киһи

6.         1941-1945 с.с. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр үлэҕэ килбиэнин иһин медалынан наҕараадаламмыттара – 75 киһи

Өргүөт нэһилиэгин чулуу уолаттара Ийэ дойдуларын өстөөхтөн көмүскүүр мүччүрүйбэт иэстэрин толорууга сэрии маҥнайгы күннэриттэн ыҥырыллыбыттара. 1941 сыллаахха 1 ыҥырыкка 23 киһи хабыллан, сэрии уот будулҕаныгар кытта аттаммыттара. Хомойуох иһин, ити күүстэрин-уохтарын ортотугар мөҥө-дайа сылдьыбыт хаарыаннаах уолаттарбытыттан 5 эрэ киһи тыыннаах, ону даҕаны эттэрэ-хааннара сэймэктэнэн төрөөбүт буордарыгар эргиллибиттэрэ. Бастакы ыҥырыллыбыттар ортолоругар бааллар бырааттыылар Силип уонна Үстүүн Сахаараптар, Алексей Баченков, Тихон Евсеевич Николаев, Федор уонна Алексей Кононовтар,Харлампий Ноговицын уо.д.а. Ити курдук сылын аайы сэрии сылларын устата саҥаттан саҥа ыҥырыы Өргүөт уолаттарын ыҥыран испитэ. Ийэ дойду көмүскэлигэр кыргыһыы уонна үлэ фронун холбуу ылан туран 1941-45 сылларга  130 киһи ыҥырыллыбыта. Итинтэн Өргүөт нэһилиэгин 62 саамай чулуу уолаттара, Аҕа дойду көмүскэлин иһин геройдуу охсуһа сылдьан сырдык тыыннарын толук уурбуттара, 42 буойун төрөөбүт төрүт буорга эргиллэн кэлбиттэрэ. Аҕа дойду улуу сэриитин 41-45 сэриилэспэккэ эрэ советскай армия кэккэтигэр сулууспалаан кэлбиттэрэ 13 киһи уонна үлэ фронугар ыҥырыллан дойду араас куораттарыгар тиийэ тарҕанан үлэлээн төннүбүттэрэ 13 киһи.Кырыыстаах сэрии ынырык алдьархайа Өргүөт ыалын дьиэтин бүтүннүүтүн өҥөйб;тэ. Аҕаларын, уолларын уонна атын чугас аймах-билэ дьоннорун быһата иитэн-аһатан олорбут баар-суох күндү дьоннорун уоттаах сэрии кутаатыгар сотору-сотору атаартаабыт оҕонньор, эмээхсин, оҕо, дьахтар кыһалҕалаах олохторо саҕаламмыта.

            Өргүөт нэһилиэгэ айан суолун аартыгар олорор буолан Туобуйа, Быракаан, Өргүөт нэһилиэктэриттэн ыҥырыллыбыт саллааттар биһиги нэһилиэккэ мустан-түмсэн нэһилиэк киинэ Тойокуттан 70 км оройуон киинигэр Куорамыкыга киирэллэрэ. Биир оннук ыҥырыыга, бэс ыйын 23 күнүгэр 1942 сыллаахха сайыҥҥы түүнү эргиччи бүтэһиктэрин оонньоон-көрүлээн баран үс нэһилиэк сүүсчэкэ талыы ыччата 84 ыҥыыр атынан Өргүөт оскуолатын оччотооҕу директора Петр Николаевич Тобуроков хамаандалааһынынан сарсыарда эрдэ айан суолун буорун өрө бурҕатан кыргыс толоонугар арҕаа аттаммыттара. Бөһүөлэк иччитэхсийбит кураанахсыйбыт курдук буолбута, харах уута, ыар санаа сатыылаабыта…

            Саха народнай поэта сэрии ветерана П.Н. Тобуроков бу строкаларыгар ити күннэр тустарынан суруйбута

Хаһан умнар үһүбүт

Хара дьайдаах өстөөҕү

Хампы сынньар туһугар

Халҕаһалыы анньыллан

Халыан дохсун сэлиинэн

Халыһыппыт айаны

(Хаһан умнар үһүбүт. П.Н. Тобуроков)

Сэриигэ барбыттар ортолоругар биирт ыал иккилии, үстүү, түөртүү кус быһый, ат бөҕө уолаттара бааллара. Лааһар, Макар, Ньукулай Сахаараптар, Анньыыһын, Хабырыыл, Сүөдэр Туттукуровтар, Мэхээлэ, Киргиэлэй, Халыана,Баһылай Сахаараптар, Миэстэр, Бүөтүр, Миитэрэй Мэхээлэйэптэр, Үстүүн, Силип Сахаараптар, Испирдиэн, Онтуон Сиидэрэптэр, Бүөтүр, Өлөксөй Сиидэрэптэр уо.д.а.

Кинилэртэн Лааһар, Макар, Ньукулай Сахаараптар, Анньыыһын, Хабырыыл, Сүөдэр Туттукуровтар, Үстүүн, Силип Сахаараптар, Испирдиэн, Онтуон Сиидэрэптэр кыргыһыы толоонугар хорсуннук охтубуттара, төрөөбүт төрүт буордарыгар төннүбэтэхтэрэ.

Саха буойуннарар Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии фроннарын былаһын тухары үгүс ахсааннаах байыаннай чаастарга тарҕанан, Москва көмүскэлигэр, Сталинград кыргыһыытыгар, Ленинград блокадатын тоҕу көтүүгэ кыттан, Днепр уонна Днестр дохсун долгуннарын түөстэринэн тыырсан, Укранина, Белоруссия уонна Прибалтика сирдэрин –уоттарын өстөөх хааннаах илиититтэн босхолоһон, итиэннэ быраатттыы демократическай дойдулар көҥүллэрин көмүскэһэн, тиһэҕэр, өстөөх арҕаҕар- Берлиҥҥэ Кыайыыны түстээбиттэрэ. Кинилэр ортолоругар бааллара Аҕа дойду модун күүһүн үксэтээри, кини кыаҕын аатырдаары, дьоллоох олох чээл күөҕүн эргитээри, фроҥҥа өстөөхтүүн күөн көрсүспүт, кыргыс хааннаах кырдалларыгар сэймэктэспит модун күүстээх, буулаҕа дьулуурдаах биһиги уолаттарбыт, Күрэнчэ Боотур сиэннэрэ – Өргүөт хорсун буойуннара!

Ийэ дойду киин куоратын, Улуу Москваны көмүскүүр холобура суох  хорсун охсуһууга кыттыспыта, 1932 сылтан «Кэскил киинэ» колхоз суоччута, кэлин нэһилиэк  сэбиэтин суруксута Лааһар Сахаарап. Бу кыргыһыыга ыараханнык бааһыран сытан, тиһэх суругар кэриэһин маннык суруйбута баар: «Дьоммор – сэргэбэр тиэрдиҥ совет былааһа туругурарын туһугар үчүгэйдик үлэлээтиннэр!» -диэн.

Ити күннэргэ диэри киэҥ далааһыннаах, Аҕа дойду сэриитин хаамыытыгар тосту эргиллиини аҕалбыт кырыктаах кыргыһыыга, Сталинград көмүскэлигэр Өргүөттэн хорсуннук кыргыспыттара:

В.Г. Касьянов, К.С. Павлов, Г.М. Туттукуурап,Д.И. Горохов,Н.С. Винокуров,А.Р. Павлов,

А.Н. Николаев, Н.Г. Дмитриев о.д.а.

Кинилэртэн биирдэстэрэ, 95-с стрелковай полкаҕа стрелогунан сулууспалаабыт уордьаннаах саллаат В.Г. Касьянов ити ынырык күннэри маннык ахтар: «…Киһи манна сэриини туохха да холуйара суох. Сир ийэ таах босхо курдук мөхсөрө, бу дойдуга арай улахан күөл кутатын курдук этэ.»

Д.С. Михайлов, В.Е. Кононов, В.Р. Титов Ленинград куораты көмүскээһиҥҥэ хорсуннук сэриилэспиттэрэ.

Курскайдааҕы, Харьковтааҕы быһаарыылаах кыргыһыыларга холобура суох хорсун быһыылары көрдөрбүт Ийэ дойду чулуу уолаттарын ортолоругар бааллара биһиги хорсун хотойдорбут:

Артамон Иванов, Иван Дмитриев, ҮстүүнТитов,Семен Филиппов,Тихон Саввич Иванов,Федор Манхардыров,Василий Федоров о.д.а.

Кинилэртэн комсомолец Василий Федоров илиинэн хапсыһыыга 5 фашиһы кытта охсуһан, түөрдүн өлөрбүтүн туһунан 1943с. Үөһээ Бүлүү хаһыатыгар бэчээттэнэн турар.

Сэриигэ ыҥырыллыбыт Өргүөт чулуу уолаттара, хорсун хотойдоро Ийэ дойдуларын (Советскай Союһу) эрэ босхолоспут буолбакка, өссө арҕаа ыаллыы государстволары, социалистическай республикалары – Румынияны, Болгарияны, Югославияны, Венгрияны, Австрияны, Чехословакияны уонна Польшаны немецкэй фашизм кулуттааһыныттан босхолоспуттара.

Ол курдук Одер, Шпрее өрүстэри туорааһыҕҕа, Венгрияны босхолооһуҥҥа геройдуу охсуспута Леонтий Иванович Иннокентьев; Румынияны, Болгарияны, Югославияны, Венгрияны, Австрияны босхолоспут «Хорсунун иһин» мэтээллээх Кыһыл сулус уордьаннаах Григорий Романович Захаров; Венгрияны босхолооһуҥҥа Балатон күөл иһин охсуһуу кутаалаах уотуттан тыыннаах ордон тахсыбыта Данил Григорьевич Чарастаайап.

Аҕа дойду билбэтэх алдьархайдаах сэриитэ саҕаланаатын кытта төрөөбүт төрүт Өргүөттэрин сириттэн саҕалаан, кыргыһыы кутаалаах уотун ортотунан тыыран, өлөр өлүү айаҕын сиҥнэ турар бүүрүгүн эт атахтарынан сиритэ үктээн, кырыыстаах өстөөх арҕаҕар Берлин куоракка тиийбиттэрэ Александр Николаевич Нукуутап, Григорий Афанасьевич Павлов, Артамон Спиридонович Иванов.

Биир итинник суостуганнаах уот –молуон охсуһуу унньуктаах уһун суолун, 4-с Украинскай фронт 2-с гвардейскай механизированнай корпуһун састаабыгар киирэн, 45 мм –дээх таанканы утарар буускаҕа сыаллаан биэрээччиэнэ (наводчигынан) ананан, 1943с. от ыйыттан саҕалаабыт буойунунан гвардия младшай сержана Илларион Леонтьевич Омукчаанап буолар. Украина Миус өрүс төрдүнээҕи Дмитровка дэриэбинэттэн саҕалаан, киэҥ Украина, Молдавия сирдэрин –дойдуларын фашист – сиэхситттэриттэн ыраастаһан, Румынияны, Болгарияны, Югославияны, Венгрияны, Австрияны, Чехословакияны босхолоһон, Кыайыы өрөгөйдөөх күнүн – ыам ыйын 9 күнүн Прагаҕа көрсүбүтэ

Ол курдук Өргүөттэн 1941 с. (Кыһыл Армияҕа бастакы хомуурга)- 23, 1942с.- 45, 1943с.- 54 киһи ыҥырыллыбыттара.