Иванова Варвара Семеновна- Эһиэкэй Балбаара төрөөбүтэ 100 сыла

Иванова Варвара Семеновна Өргүөт, Ороһу нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, тыыл бэтэрээнэ, 1926 сыллаахха Ороһу нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

Сэрии сылларын  аас-туор кэмнэрин,  тулаайахсыйыы кыһалҕатын ааспыта, үлүскэннээх үлэ үөрүүтүн билбитэ. Оҕо сааһыттан айылҕаттан бэриллибит кэрэ чуор куолаһынан, хоһуйар – айар талаанынан, эйээрэр эһиэкэйинэн араас түмсүүлээх ыһыахтарга, киэҥ түһүлгэлэргэ дьону-сэргэни түмэн дьон биһирэбилин ылыаҕын ылбыта. Талба талаанынан, ураты дьоҕурунан иккис дойду оҥостубут Өргүөтүн аатын киэҥ эйгэҕэ таһаарбыта.

ссылканы баттаан Иванова Варвара Семеновна ахтыытын көрүҥ, сэргээҥ

ссылканы баттаан Иванова Варвара Семеновна оһуохайын көрүҥ, сэргээҥ