
Ытык Эдьиийбит , Саха народнай артыыҺа Мария Евсеевна Николаева 90 сааьынан чиэстээҺин опера уонна балет театрыгар үрдүк тэрээҺиннээхтик ааста. Дьон – сэргэ төҺө да сайын,кус, даача, олордуу кэмэ да буоллар сүгүрүйэр, тапталлаах артыыстарын чиэстии, хас да массыына сибэккилээх, подароктаах кэлбиттэрэ, дохсун ытыстарын тыаҺа, “браво”, “бис” биҺирэбиллэрэ, хайҕааҺыннара мустубут дьону олус долгутта…. Театр коллектива дьоҺуннаахтык бэлэмнэммит… УҺун сылларга саха, нуучча, аан дойду классиктарын операларыгар сүрүн оруоллары ыллаабыт үрдүк профессиональнай таҺымнаах коллегаларын Мария Евсеевнаны дириҥник ытыктыыллара, таптыыллара чахчы көҺүннэ. Театр салалтата , култуура лар , араас улахан оркестрдар дирижердара о.д.а илии тутуурдаах, өттүк харалаах кэлэн Улахан таҺымнаах ырыаҺыкка сиргэ тиийэ бокулуоннаатылар… Арассыыйа таъымнаах улахан ырыаъыттары сэргэ эдэр талааннар, Мария Евсеевна үөрэнээччилэрэ, бары да толорор маастарыстыбаларынан дьону сөхтөрдүлэр…. биҺирэттилэр. Театр салалтата, театры театр гыммыт, ветеран артыыстарыгар киҺилии сиэрдээх, убаастабыллаах сыҺыана көрөөччүлэри уйадытта… Мария Евсеевна куолаҺа билигин да эдэрэ, чуора, бэйэтэ кырасыабай, дьоҺун сэбэрэтэ, уҥуоҕа – арҕаьа билигин да көбүс көнөтө, таҥаҺа- саба бээтигэр барсара көрбүтү эрэ астыннарда….БиҺиги ҮөҺээ Бүлүүлэр, Өргүөттэр ньиргиччи кэлэн Эдьиийбитинэн киэн туттуу уонна сүрэх- бэлэс, дьулуур, күүс, талаан, өй- мэйии өбүгэлэрбит, удьуордарбыт барахсаттарга дириҥ махтал уотугар уйадыйа куустардыбыт…Театрга мустубут бар- дьоҥҥо олус махтанныбыт… Кинилэр да ҮөҺээ Бүлүүлэри Өргүөттэри олус истиҥник ытыс дохсун тыаҺынан махтанан көрүстүлэр, уруйдаатылар- айхаллаатылар… Бары биир дойдулаахтар- бытыгар, төрөөбүт дойдутун аар – саарга аатырдыбыт ытык Эдьиийбитигэр Мария Евсеевнаҕа , театр дьоҺун коллективыгар уруй- айхал буоллун! Эйэни, түмсүүнү, ситиҺиини, дьолу- соргуну!
Вера Спиридоновна Солдатова, СӨ норуот хаь. үтүөлээх үлэҺитэ, Үөьээ Б, Өргүөт, Орто Халыма улуустарын бочуоттаах олохтооҕо, суруйааччы, суруналыыс. 08.06.26 Дьокуускай к.
