1922 сыл муус устар 18 күнүгэр билиҥҥи Бүлүү улууһугар Хохочой сиригэр кыһыллар 19 киһилээх В. Шатаев хамандыырдаах этэрээттэрэ бастаанньыттар тоһуурдарыгар түбэспитэ.
Бүлүү гарнизонун начаалынньыгын көмөлөһөөччүтэ В. Шатаев этэрээтэ, Н. И. Снитко көрдөһүүтүн толорон, Бүлүү оборуонатын салайааччыларын сорудахтарынан Хампа кыһылларын этэрээтигэр көмөҕө баран испит. Снитко этэрээтэ Хампаҕа үрүҥнэр чугаһаабыттарын билэн, онно көмөҕө баран иһэн, Хампаны үрүҥнэр ылбыттарын, сүүстэн тахсаларын билбит уонна эбии көмө көрдөөбүт эбит.
Шатаев этэрээтин байыастарыттан сэриигэ сылдьыбыт үс эрэ кыһыл сэрииһит баар эбит, атыттара сааны тутан да көрбөтөх эдэр дьон – оробуочайдар, Бүлүү куоратын II ступеннаах оскуолатын үөрэнээччилэрэ, Тылгыны өрөпкүөмүн сэкиритээрэ.
1922 сыл муус устар 17 күнүгэр аттаах уонна сэриилэрин сэбин сыарҕалаах акка тиэйбит бөлөх Бүлүүттэн Хампа туһаайыытынан хоҥнубут. Аара Сэптэминнээх диэн сиргэ хонон баран сарсыарда эрдэ Хохочой алааска тиийэллэр.
Сирин-уотун бэркэ билэр Куонаан Никииппэрэп баһылыктаах бастаанньаһыттар кыра аҥаардара (хамандыырдара сүрүн этэрээтин кытта атын сиргэ Сниткону бэйэтин маныыр), Снитко этэрээтин кэтэҕинэн эргийэн тахсан, Бүлүү диэки өттүн түөрт биэрэстэ ыраах сиринэн быһан сыппыттар эбит.
Этэрээт Хохочой алаас хоту өттүгэр киһи уҥуохтарын аттыгар тиийбитин кэннэ ытыалааһын саҕаланар. Бастакы ытыалааһынтан этэрээт үгүс байыастара таптаран өлөллөр эбэтэр бааһыраллар. Хаалбыттара сыарҕаҕа баайылла сылдьыбыт сэптэрин ылан ытыалаһаллар. Ол эрээри, хоттороллор.
Кыһыл этэрээтиттэн икки эрэ киһи тыыннаах хаалан Бүлүүгэ төннөн тиийэр (ГПУ байыаһа Н. Борисов уонна сирдьит В.С. Сивцев). Тоһуурга сылдьыбыт дьон кэпсииллэринэн, үрүҥнэр саа сэбэ, ботуруон кэмчи буолан, кыһылларга саба сырсан тахсан сүгэнэн, батаһынан-быһаҕынан түһэргэ күһэллибиттэр. Ол иһин хаан-сиин олус элбэҕэ үһү.
Хохочойго охтубут бойобуой доҕотторун куорат пааркатыгар бырааттыы ииҥҥэ көмөөрү туран, Бүлүү ыччата Сэбиэт былааһын иһин биир таммах хаан хаалыар диэри охсуһарга андаҕайбыта.
Хохочой тоһууругар түбэспит дьон
- Шатаев Василий Александрович – хамандыыр, уопуттаах сэрииһит.
- Кыһыл армеецтар
- Икки оробуочай, хомсомуоллар
- Тылгыны өрөпкүөмүн сэкиритээрэ, хомсомуол
- Сирдьит В.С. Сивцев.
Аҕыс үөрэнээччи:
- Винокуров Николай Егорович — 1905 с. төрөөбүтэ, комсомол чилиэнэ. Ытыалаһан иһэн, тоҥуу хаарынан куотан чугас ыалларга саһа сылдьарын, үрүҥнэр тутан ылан Хампаҕа илдьэн ыппыттара.
- Иванов (Ханды) Никифор Иннокентьевич — 1902 с. төрөөбүтэ, комсомол чилиэнэ.
Үөһээ Бүлүү улууһуттан төрүттээх Хохочой тоһууругар түбэспит комсомолецтар
- ВИНОКУРОВ НИКОЛАЙ ЕГОРОВИЧ 1905 сыллаахха Үөһээ-Бүлүү оройуонугар Мэйик нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Кини аҕата Винокуров Егор (Тоҕойуута Дьөгүөссэтэ) диэн дьадаҥы киһи этэ. Ийэтэ бу Коляны тө- рөөбүтүгэр хаана баран өлбүтэ. Николайы эдьиийэ Өрүүнэ ииппитэ. Өрүүнэ аҥардас, оҕото суох этэ. Онон Коля төрөппүт ийэ тапталын билбэтэҕэ. Аҕата да кинини олус оҕорҕооботоҕо.Коля убайдара Семен уонна Петр Вннокуровтар (Өкөстөөн уолаттара) диэн кыра үөрэхтээх дьоннор бааллара. Ол дьоннор, Өрүүнэни сөбүлээннэр, Далырга аһыллыбыт оскуолаҕа Коляны үөрэххэ бэрдэрбиттэрэ. Коля улахан дьоҕурдаах оҕо буолан биэрбиттэрэ. Далыр, Үөһээ-Бүлүү оскуолаларын бүтэрэн, 1921 -1922 сыллардаах үөрэх дьылыгар Николай Бүлүүтээҕи иккис ступеннаах оскуолаҕа киирбитэ.Сайын аайы үөскээбит сиригэр Мэйиккэ тиийэрэ, сиэдэрэй айылҕалаах Мунду күөл эҥэригэр күүлэйдиирэ. Ол сылдьан ииппит ийэтигэр Өрүүнэҕэ от оттоон биэрэрэ, кыстык маһын бэлэмнээн барара.Николай сылдьар быһыытынан киһиэхэ барытыгар таптатара, күүһүн, сытыытын эмиэ хайгыыллара.Николай Винокуров 1920 сыллаахха комсомолга киирбитэ. «Саҥа олоҕу көмүскүүр түгэн тирээтэҕинэ, дууһабын да толук уурарга бэлэммин»,- диэн сайабылыанньатыгар суруйбута. Ол тылын кини бэйэтин олоҕун тиһэх күннэригэр диэри толорбута. Хохочойдооҕу тоһуурга түбэһэн ытыалаһан иһэн, Николай тоҥуу хаарынан куоппута. Кинини сэрии буоллаҕын иккис күнүгэр Федот Васильев (Экчээн) диэн киһи былах тиэйэи иһэн көрсө түспүтэ. Николай туох буолбутун кэпсээбитэ. Онтон: «Миигин саһыар, куоракка ыыт»,—диэн көрдөспүтэ.
Федот дьадаҥы киһи этэ. Ити ынырык сураҕы истэн, сүрэҕэ ытырбахтаабыта, уолу олус аһыммыта. Сонно тута Николайы Бөтүҥ диэн сиргэ илдьэн, эмиэ дьадаҥы Прокопьев (Бэччэс) диэн киһиэхэ саһыарбыта.
Ити икки ардыгар бандьыыттар билэ охсубут этилэр, Николайы ол ыалтан кэлэн тутан ылбыттара. Кинини Хампаҕа илдьибиттэрэ. Онно доппуруостуу сатаабыттара да, Николай өстөөхтөрүгэр тугу да эппэтэҕэ. Онно бандьыыттар кинини ытан өлөрбүттэрэ.
Үөһээ-Бүлүү оройуонун маҥнайгы хорсун комсомолецтарыттан биирдэстэрэ Николай Винокуров советскай былаас көмүскэлигэр геройдуу охсуһан өлбүтэ.
Е. НИКИФОРОВ
ГРИГОРЬЕВ ДМИТРИЙ МИХАЙЛОВИЧ (МОТУРУОС) — гражданскай сэрии кыттыылааҕа, сэрии хонуутугар охтубут киһи.
1900 сыллаахха Үөһээ Бүлүүгэ төрөөбүтэ. Тулаайах уол борокуокка мотуруостаабыта. ЫРКС чилиэнэ. Н. И. Снитко этэрээтигэр сылдьан Хохочойго комсомолецтары кыргыбыт үрүҥнэри урусхалааһыҥҥа инники кэккэҕэ сылдьан 1922 сыл муус устар 19 күнүгэр өлбүтэ.
1936 сыллаахха Гражданскай сэрии актыыбынай кыттыылааҕа Руф Иванович Кардашевскай көҕүлээһининэн Хохочой сиригэр (Бүлүү уокуруга) бастакы пааматынньык туруоруллубута. Комсомолецтар пааматынньыктара Кыһыл-Сыыр бөһүөлэк уонна Бүлүү бөһүөлэгин икки ардыларыгар трассаҕа турар. Комсомолецтар ааттарын кытта улахан бетон билиитэ туруоруллубут сүүнэ ыстыык курдук оҥоһуллубут.
- Бүлүү куоратыгар 1967 сыллаахха Комсомол болуоссатыгар (билигин Албан аат болуоссата) обелиск туруоруллубута. Обелиск ааптардара: Саха Республикатын искусствотын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Сирин народнай худуоһунньуга, Россия худуоһунньуктарын Түмсүүтүн чилиэнэ, скульптор Н. К. Пшенников уонна архитектор А. В. Гаврилов.
- Москва куораттан кэлэ сылдьыбыт худуоһунньук, суруйааччы Василий Павлович Беляев “Хохочой: поэма о погибших семнадцати” диэн кинигэтэ Дьокуускай куоракка 1932 сыллаахха бэчээттэммит.
Хохочой алдьархайын кэриэһигэр Саха народнай поэта Иван Гоголев тылларыгар «Хохочой» ырыа айыллыбыта.
Попов И.В. Хохочой (жертвы засады бандитов). Эскиз.
Аҕа Дойду улуу сэриитин сылларыгар художник Иван Васильевич Попов Саха сиригэр гражданскай сэрии туһунан «Хохочой» уонна «Зверство белобандитов» диэн икки улахан сюжетнай – композиционнай хартыыналары оҥорууга, ону тэҥэ кини толкуйдаабыт кэккэ улахан айар хартыыналарын эскизтэригэр «Богатыри», «Манчаары», «Орджоникидзе В Якутии», «Бойцы Красной Армии», «Герой Социалистического труда», «Ковер тайги» уо.д. а. 1945 сыл тохсунньутугар Иван Васильевичка Саха АССР норуодунай худуоһунньугун аатын иҥэрбиттэрэ.