Дапсы дьыктаана Өргүөт нэһилиэгэр

Үөһээ Бүлүү улууһугар 2021 сылтан, сэтинньи 6 күнүгэр төрөөбүт иҋэ тылбыт хараанньыта, сахалыы саҥабыт дорҕоонун эмчитэ, лиҥкибиис-учуонай, саха саарына Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп – Дапсы төрөөбүт күнэ — «БИҺИРЭМ ТЫЛ» күнүнэн бэлиэтэнэр. Бүгүн, сэтинньи 6 күнүгэр Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп – Дапсы үбүлүөйдээх 90 сааһын көрсө сылын аайы ыытыллар “Дапсы дьыктаана” алтыс төгүлүн Өргүөт модельнай библиотекатыгар ыытылынна. Бу тэрээһиҥҥэ уопсайа 12 киһи көхтөөхтүк кытынна. 6 киһи үчүгэй сыанаҕа, 3 киһи туйгун сыанаҕа суруйда. Бу курдук тэрээһиннэр төрөөбүт тылбыт кэскилин сайыннарыыга улахан суолталаахтар.