Сиэн Мунду – А. Амбросьев “Исидор Барахов”кинигэтин презентацията Өргүөккэ

Олунньу 11 күнүгэр Алексей Амбросьев – Сиэн Мунду «Исидор Барахов» кинигэтин сүрэхтэниитэ Өргүөт библиотекатыгар буолла. Кинигэ сүрэхтэниитигэр 21 киһи сырытта.

Суруйааччы, тылбаасчыт, сценарист Алексей Амбросьев – Сиэн Мунду Москваҕа «Эдэр гвардия» кинигэ кыһатыгар «Уһулуччулаах дьон олоҕо» сиэрийэнэн «Исидор Барахов» кинигэтэ тахсыбыта.

Исиидэр Бараахап төрөөбүтэ 125 сылын бэлиэтээһин чэрчитинэн, Үөһээ Бүлүү улууһугар 2023 сыл Исиидэр Бараахап сылынан биллэриллибитэ.

2023 с. олунньу 12 күнүгэр, чулуу киһибит Исидор Никифорович Барахов төрөөбүтэ 125 сыла. .

Алексей Амбросьев – Сиэн Мунду «Исидор Барахов» диэн документальнай кинигэтэ 2022 сыллаахха күн сирин көрдө. Алексей Алексеевич махтана ахтыбытынан, бу бырайыагы көҕүлээччинэн философия наукатын дуоктара, бэрэпиэссэр Виктор Михайлов буолар.

Сиэн Мунду суруйбут бу  документальнай кинигэтигэр Исиидэр Бараахап Саха сирин судаарыстыбатын тутууга, норуот хаһаайыстыбатын, наука уонна култуура сайдыытыгар биллэр кылаата көрдөрүллүбүт. Бараахап өлбүтүн кэннэ,  репрессия сылларыгар кини аата уонунан сылларга дойду устуоруйатыттан сотуллубута, билигин даҕаны биллибэт чахчылар элбэхтэр. Онон,  Сиэн Мунду кинигэтэ Исиидэр Бараахап биографиятын арыйар маҥнайгы кинигэнэн буолла.

Кинигэ үс түһүмэхтэн турар. 1 түһүмэх. “Сегодня или никогда”

2 түһүмэх: Выживший

3 түһүмэх: В поисках просвещения

Сыһыарыыларга чугас дьонун, аймахтарын ахтыылара, И.Н. Барахов олоҕун хронологията баар.

Кинигэҕэ Бараховтар дьиэ кэргэннэрин альбомуттан хаартыскалар, Саха сирин национальнай архыыбын, Барахов аатынан история уонна государственность музейын докумуоннара киирбиттэр.