ОРГЕТСКАЯ СЕЛЬСКАЯ МОДЕЛЬНАЯ БИБЛИОТЕКА

Олунньу 14 күнэ – Аан дойду үрдүнэн кинигэ бэлэхтиир күн

Олунньу 14 күнэ Аан дойду үрдүнэн КИНИГЭ бэлэхтиир күн. Бу үтүө санааны саҕар күҥҥэ сылын ахсын ыытыллар аахсыйаҕа кыттыһыҥ диэн ыҥырабыт. Аахсыйа олунньу – кулун тутар ыйдарга диэри ыытыллар. Ону сэргэ 2024 сыл Өргүөт бибилэтиэкэтэ тэриллибитэ 75 сылын туолар.
Аахсыйаҕа тэрилтэнэн да, биирдиилээн да дьон кыттыан сөп. Бэлэхтиир кинигэлэргитин Өргүөт олохтоох бибилэтиэкэтигэр аҕалан биэриэххитин сөп. Хас биирдии бэлэхтээччигэ махтал сурук туттарыллыа. Үтүө үтүөнү саҕар диэн мээнэҕэ эппэттэр! Көхтөөх кыттыыны эрэнэ күүтэбит.
Олохтоох бибилэтиэкэ.