
Бүгүн Өргүөт нэһилиэгэр кэрэ тупсаҕай көстүүлээх Ийэ скверин үөрүүлээхтик арыйыы буолла, нэһилиэк дьоно-сэргэтэ, кэлэн кытыннылар, үөрүүлэрин үллэһиннилэр.
Үйэлэртэн үйэҕэ оҕо – ыччат, бар дьоммут өйдөрүттэн сүппэт сүҥкэн улахан суолталаах ытык дьоммутугар аналлаах Ийэ скверин көмүс илиитинэн чочуйан, мындыр сытыы өйүнэн толкуйдаан биһиги биир дойдулаахпыт художник идэлээх Афанасьев Леонид Никифорович оҥордо. Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин баһылыга Максим Филиппович Силигиянов тус бэйэтин кылаатын киллэрэн, бу бырайыагы өйөөн күн бүгүн нэһилиэкпит хабыллар хаба ортотугар, сынньалаҥ киин тэлгэһэтигэр тутулунна. Скверга Өргүөт нэһилиэгин 2 Герой Ийэтэ уонна 5-тэн элбэх оҕолоох ийэлэр ааттара сурулунна.
Нэһилиэкпит инникитин өссө да сайдан, тупсан, киэркэйэ турарыгар баһылыкпытыгар Андрей Андреевич Николаевка, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин баһылыгар Максим Филиппович Силигияновка, биир дойдулаахпытыгар уран тарбахтаах уус киһибитигэр Леонид Никифорович Афанасьевка МАХТАНАБЫТ уонна КИЭН ТУТТАБЫТ!
Ийэ баар буолан — олох баар. Махтанабыт ийэлэрбитигэр — күн сирин көрдөрбүттэригэр. Убаастыыр дьоммутугар бары үтүөнү, кытаанах доруобуйаны, дьоллоох уһун олоҕу баҕарабыт.



