Дапсы дьыктаана

Үөһээ Бүлүү улууһугар 2021 сылтан, сэтинньи 6 күнүгэр төрөөбүт иҋэ тылбыт хараанньыта, сахалыы саҥабыт дорҕоонун эмчитэ, лиҥкибиис-учуонай, саха саарына Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп – Дапсы төрөөбүт күнэ — «БИҺИРЭМ ТЫЛ» күнүнэн бэлиэтэнэр. Хас сылын аайы улууска сэтинньи 6 күнэ сахалыы ыраастык саҥарыы, кэпсэтии күнэ. Бу күн сарсыардаттан улуус бас дьонуттан, тэрилтэ салайааччыларыттан саҕалаан оскуола оҕотугар тиийэ Дапсылыы дьыктааны суруйууттан саҕаланар. Дьыктаан суруйуу сыала-соруга — М.П.Алексеев-Дапсы үөрэҕин киэҥник тарҕатыы, саха тылын билиини чиҥэтии, сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарыы, төрөөбүт тылынан таба суруйар таһымы үрдэтии.

“Биһирэм тыл” күнүгэр аналлаах улуустааҕы кииннэммит библиотечнай ситим, тэрийэн ыыппыт “Дапсы дьыктаана” Өргүөт модельнай библиотекатыгар буолла.

 Барыта 17 киһи кытыыны ылла. Дьыктааны саха тылын учуутала Михайлова Галина Никитична аахта. Бастыҥ суруксут ааты ыллылар: Васильева Сайаара Алексеевна, Николаева Лариса Васильевна, Илларионова Виктория Григорьевна, Прокопьева Дзидра Даниловна. Дьыктаан суруйуутугар кыттыбыт дьоммутугар махтанабыт!