

Бурнашев Иннокентий Иванович — Тоҥ Суорун (1868—1945), олоҥхоһут, норуот ырыаһыта. ССРС суруйааччыларын холбоһуктарын чилиэнэ.
1868 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар төрөөбүт. Эдэр сааһыгар биллиилээх олоҥхоһуттары истэр этэ.
Бэйэтин үөрэтээччитинэн Захаров Т. В. — Чээбийи, аатырбыт Амма олоҥхоһутун ааттыыр этэ.
10 олоҥхону билэрэ, 20 остуоруйаны, 30 номоҕу. Фольклорист Эргис Г. У. 1934 сыллаахха Дыырай бухатыыр олоҥхотун суруйан ылбыта.
Үөһээ Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотечнай ситим оҕолорго аналлаах “Олоҥхо-аудио” бырайыагар кыттыһан Т.И. Петров аатынан Өргүөт орто оскуолатын орто сүһүөҕүн оҕолорун ааҕыыларыгар
Иннокентий Бурнашев – Тоҥ Суорун “Дыырай Бөҕө” олоҥхотуттан быһа тардыы.