“Туллукчаан-от” уһуйаан 65 сыллаах үбүлүөйэ

Ахчсынньы 14 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун Өргүөт нэһилиэгэр “Туллукчаан -от” уһуйаан 65 сыллаах үбүлүөйэ үрдүк тэрээһиннээхтик ааста. Үбүлүөй уһуйаан үлэтин көрдөрөр араас кэмнэрдээҕи сэдэх хаартыскалар фотовыставкаларыттан саҕаланна. “Эбээм оонньуурдара” музей тэрийбиттэригэр былыргы оонньуурдары тутан – хабан көрөн астынныбыт. Бэйэбит оҕо сааспытын санаан ыллыбыт. Актовай сааланы сахалыы тыыннаан Оксана Николаевна Васильева уруһуйдаабыта көрүөхтэн эриэккэс, детсады саталлаахтык Марианна Иосифовна Захарова салайар. Уһуйаан үлэһиттэригэр махтанан ыраахтан – чугастан илии тутуурдаах кэлэн урукку иитиллээччилэр, тэрилтэ салайааччылара эҕэрдэлээтилэр. Үбүлүөйү колхоз яслятын бастакы иитиллээччитэ норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, биир дойдулаахпыт Вера Солдатова – Нанова иһирэх ахтыы оҥорон киэргэттэ. Билигин үлэлии сылдьар уһуйаан үлэһиттэрэ, ветеран үлэһиттэр араас таһымнаах махтал суруктары, грамоталары тутан үөрдүлэр. Инникитин даҕаны уһуйааммыт үүнэ – сайда чэчирии турарыгар, ылыммыт былааннара, проектора олоххо киирэн иһэллэригэр баҕарабыт.