Таайтарыылаах таҥха

Саха дьоно былыргыттан күнү-дьылы билгэлээн, халлаан туругунан сирдэтинэн олороллор. Эһиилги дьыл өҥүн, кураанын эндэппэккэ быһаараллара. Ол кинилэр айылҕаны кэтээн көрөр ураты дьоҕурдара буолар. Бит-билгэ киһи айылҕаны кытта ыкса ситимнээҕин кэрэһилиир. Тохсунньу 7 күнүттэн 19 күнүгэр диэри кэм Таҥха ыйынан ааҕыллар. Кэлэр кэми кэрэһилээн, билгэлээн көрөр ураты кэм.

Бу кэмҥэ Ороһуоспа түүн ойбонтон  оһох оттооччу сүллүүкүттэр, оттон 13-с түүн оҕолоро-уруулара, кэргэттэрэ тахсаллар. Былыргы итэҕэлинэн, кинилэр куул муҥунан харчылаах буолаллар. Эргэ өтөхтөргө, быраҕыллыбыт дьиэлэргэ олохсуйаллар. Ол олорон хаартылыыллар уонна дьон дьылҕатын түстүүллэр. Өбүгэ итэҕэлинэн, тахсыбыт кэмнэригэр сууйуллубут таҥаһы-сабы таһырдьа хаалларар сатаммат. Таҥас нөҥүө киһи кутун илдьэ барыахтарын сөп.

Сүллүүкүн тахсыбыт кэмигэр дьон маннык сэрэбиэйдэниэхтэрин сөп:

Бүлүүһэ сүүрдүүтэ.

Бүлүүһэни сүүрдүөх иннинэ чүмэчигэ кэриэрдэллэр, ортотун кичэйэн сылыталлар. Бүлүүһэ иччитин алҕаан баран өлбүт киһи дууһатын ыҥыраллар. Ыҥырар киһигит буукубаны билэр, ааҕар-суруйар үөрэхтээх киһи буолуохтаах. Өлбүтэ үс сыл буола илик киһини аньыырҕаан ыҥырбаттар. Кини дууһата моһуоктаһыан, арахпакка буулуон сөп дииллэр. Ардыгар утуйа сытар киһи дууһатын ыҥырааччылар. Сарсыныгар ол киһиттэн ыйыттахха эрэйдээхтик утуйбутун туһунан этээччи. Оттон бит-билгэ дьиҥнээх хаамыытын истиэххин баҕардаххына өлбүт киһи дууһатын ыҥырыахтааххын.

Миинньигинэн билгэ: 

Түүн уон икки чааһы ааһыыта муоста харбыыр миинньиккин (суоккаҕын) күрдьүккэ таҥнары анньан кэбиһэҕиҥ уонна аттыгар туран эрэ баҕа санааҕын ботугураан этэҕиҥ. Сарсыарда сырдаатаҕына тахсан көрөҕүн. Миинньик сууллан хаалбыт түгэнигэр баҕа санааҥ туолбат, иҥнэйбит буоллаҕына ыарахаттардаах соҕустук туолуон сөп, оттон көбүс-көнөтүк, хайдах туруорбутуҥ курдук, ханталлан турар буоллаҕына баҕа санааҥ туолуоҕа;
Бүргэс сүүрдүүтэ.

Бүргэс сабыттан соҕотох киһи тутар. Оонньооччута хас баҕарар буолуон сөп. Оттон сүүрэр кумааҕыта оруобуна бүлүүһэ хонуутун курдук, ол эрээри кыра кээмэйдээх буолар. Манна альбом лииһэ оруобуна сөп түбэһэр. Кумааҕы ортотугар уһуктаах өттүнэн тирэнэн турар иннэ кэлин өттүнэн ыйан-кэрдэн биэрэр.

Кинигэ ааҕыыта.

Кинигэни ааҕарга остуол икки өттүгэр чүмэчи уматыллар. Ордук кэпсээннээҕинэн-ипсээннээҕинэн, боппуруоска таба эппиэттииллэринэн Амма Аччыгыйын «Сааскы кэм», Николай Якутскай «Төлкө», Далан «Дьылҕам миэнэ» уо.д.а. халыҥ арамаан кинигэлэрин ааттыахха сөп. Боппуруоһу ыйытан баран хараххытын симэн баран түбэһиэх сирэйи арыйан түбэһиэх этиини эмискэ ыйаат ааҕаҕыт. (Биир уол сыбаайбабар хантан харчы ылабын диэн ыйыппытыгар «Бүөтүр маҕыйа түһэн баран сүөһүнү сүүскэ биэрэн түһэрдэ» диэн эппиэттээбиттээх).

Этэрбэһи хаамтарыы.

Кэргэн тахса илик кыргыттар биир хоско этэрбэстэрин туппутунан киирэллэр. Хос ааныттан саҕалаан холумтан туһаайыытын диэки кыргыттар этэрбэстэрин хардары-таары уочаратынан тутан “хаамтараллар”. Холумтаҥҥа аан бастакынан тиийбит этэрбэс хаһаайката быйыл эргэ тахсар.

Күлүгү көрүү.

Күлүгү көрүү икки араастаах. Бастакыта, кумааҕыны (хаһыаты, тэтэрээт лииһин, бородуукта суулуур маҕаһыын кумааҕытын) «инникибин эт» дии-дии төгүрүк быһыылаах гына бүк-бах тутан баран эт эттиир хаптаһын үрдүгэр сытыаран уматаллар. Кумааҕы умайан бүппүтүн кэннэ күл мөчөкө ойоҕоһугар чүмэчини сыһыары тутан күлүгүн истиэнэҕэ көрөллөр. Эт эттиир маһы талбыккынан эргитэ сылдьыаххын сөп.

Түөрэх быраҕыы, «сыҥаах ойуун».

Былыр түөрэх быраҕыы улаханнык тэнийбитэ. Бараһыайдыыр киһи тугу эмит ыйытан баран ньуосканы, бэргэһэни, үтүлүгү, сүөһү алын сыҥааҕын, о.д.а. үөһэ быраҕара. Ити мал-сал умса эбэтэр олоро түһэринэн инники дьылҕаларын билгэлииллэрэ. Холобура, ньуосканы үөһэ быраҕан баран: «Бу сырыыга булпар баартаах буоллахпына түөрэҕим олоро түс, оттон тыаттан кураанах эргиллэр буоллахпына түҥнэри түс», – дииллэр. Ньуоска умса түстэҕинэ табыллыбат бэлиэнэн ааҕыллар уонна таайааччылар аат эрэ харата «былаҕай» диэн саҥа таһаараллар, оттон ньуоска аһыыр оттүнэн үөһэ көрөн түстэҕинэ, ити баарды билгэлиир, оччоҕо дьон «туску!» диэн саҥа аллайан, үөрэн үөһэ ууналлар. Маннык билгэлээһиҥҥэ туттуллар мал-сал «түөрэх» диэн ааттанар.

Түҥ былыргы уонна тарҕаммыт таайыы ньымата «сыҥаах ойуун» диэн. Уол эбэтэр кыыс тымтыгы устатынан үс гыммыттан бииригэр диэри хайытар, онно туора эмиэ тымтыгы кыбытар. Ол кэнниттэн бу «сыҥаах ойууну» көмүлүөк оһох холумтаныгар батары анньан баран туора маһын ортотунан уматаллар. Тымтык умайан бүттэҕинэ икки аҥы арахсан, арыый бүтүн өттө туора баран түһэр. Ити тымтык хайа диэки түһэриттэн уол кэргэн ылар кыыһа, кыыс эргэ тахсар киһитэ олорор сирин сылыктыыллар. «Сыҥаах ойууҥҥа» эрдэттэн ыйытыы биэрэн, тугу баҕарар таайыахха сөп. Холобур, «кэтэһэр киһим бүгүн кэлэр түбэлтэтигэр инники муннукка, оттон кэлбэт буоллаҕына ааҥҥа ой» диэхтэрэ.

 Суол аттыгар лабаалары туруортааһын.

Сүөһү уулатар ойбоҥҥо барар суол аттыгар киэһэ талах лабааларын дьиэҕэ баар киһи ахсаанынан ааҕан хаарга туруору анньаллар. Сарсыарда көрдөхтөрүнэ, ыарыыга хаптарар киһи лабаата хоҥкуйбут эбэтэр бүк түспүт буолар. Оттон чэгиэн киһи талаҕын лабаата биир кэм турар.

Ууга сабынан таайыы.

Уоллаах кыыс холбоһоллор дуу суох дуу диэн таайаллар. Икки синньигэс иҥиир утахтарын иһиккэ кутуллубут УУ үрдүгэр кэккэлэһиннэри уураллар. Утахтар бэйэ-бэйэлэригэр сыстыһан эриллэллэр, ол аата ыал үөскүүр. Оттон арахсар буоллахтарына утахтар чиэрбэ курдук хамсыы-хамсыы тус-туһунан бараллар. Ыччаттар дьээбэлэнэн, утахтар хамсаныыларыгар уол уонна кыыс майгыларыгар, тутта-хапта сылдьалларыгар майгынната көрөн күлэллэр-үөрэллэр. Ордук суус тыллаах киһи баар буоллаҕына араас бэргэн тылы быраҕан, дьону уҥа-уҥа күлүөхтэригэр диэри саататар. Холобур: «Оойуут!.. Уолбут сирэн атын сир диэки олоҥнуу, куоҕаҥныы, хончоҥнуу турда дии!.. Ээйиис!.. Аны кыыспыт эҥин-эҥин буолан сөрүөҥнүү, мунньаҥныы, дьибилиҥсэлэнэ сытар дии!..».

Буосканы таммалатыы:

 Уулаах иһиккэ чүмэчи ууллубут сыатын таммалатаҕын, онно түспүт ойуу-бичик үүммүт сылга туох күүтэрин таһаарыаҕа;

Күлүгү таайыы: 

Кумааҕыны алҕыы-алҕыы, инники туох күүтэрин ыйыта-ыйыта үлтү кумалыыгын. Кумааҕыгын тимир бодунуоска, эбэтэр туох эмэ тимир иһиккэ сытыаран баран уматан кэбиһэҕин. Кумааҕы умайан бүппүтүн, күлэ хаалбытын кэннэ, сырдык истиэнэҕэ, эбэтэр оһох кэннигэр чүмэчи сырдыгынан сирдэтэн араас күлүгү көрөҕүн. Онно туох ойуу тахсарынан сылыктанаҕын;