Үөһээ Бүлүү улууһугар Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө “Кыайыы чорооно” Үөдүгэй нэһилиэгиттэн саҕалаан олунньу 19 күнүттэн ыам ыйын 9 күнүгэр диэри, уопсайа 80 хонук устата тыа нэһилиэктэринэн, улуус тэрилтэлэринэн айанныы сылдьар.
Ол курдук, муус устар 14 күнүгэр Өргүөт нэһилиэгэр Кыайыы Чороонун долгуйан туран көрүстүбүт. “Кыайыы чороонун” Быракаан нэһилиэгин делегацията кэлэн туттарда. Кыайыы Чороонун сэрии кэмин оҕото Быракаан нэһилиэгин олохтооҕо Яковлев Егор Герасимович Өргүөт нэһилиэгин баһылыга Николаев Андрей Андреевичка туттарда.
Муус устар 15 күнүгэр Кыайыы чороонун Трофим Иустинович Петров аатынан орто оскуолаҕа Өргүөт олохтоох дьаһалтатын специалиһа Адамов Данил Иннокентьевич торжественнай линейкаҕа туттарда. Муус устар 15 күнүгэр “Туллукчаан-ОТ” оҕо уһуйаанын үлэһиттэрэ Кыайыы Чороонун үөрүүлээхтик көрүстүлэр. Кыайыы Чороонун балыыһаҕа, МПЧ-ҕа, библиотекаҕа сырытыннаран баран олохтоох дьаһалтаҕа туттарылынна, муус устар 18 күнүгэр Кыайыы Чорооно Балаҕаннаах нэһилиэгэр айанныыр.




























