“Кинигэ күүһэ” аахсыйа Өргүөккэ

Бүгүн ыам ыйын 27 күнэ —  Бүтүн Арассыыйатааҕы бибилэтиэкэлэр күннэрэ.

Бу күнү көрсө СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ  «Кинигэ күүһэ» аахсыйаны тэрийэн ыытар. Аахсыйа аан маҥнай 2019 сыллаахха национальнай бибилэтиэкэҕэ СӨ култуура уонна духуобунай сайдыы  министиэристибэтин өйөбүлүнэн тэриллэн ыытыллыбыта.

Быйыл “Кинигэ күүһэ” аахсыйа сэттис төгүлүн ыытыллан, Арассыыйа атын регионнарыттан кыттыы элбээн иһэр.

 Тэрээһин сыала ааҕыыны көҕүлээһин, кинигэҕэ тапталы иҥэрии, бибилэтиэкэ үлэтигэр уопсастыбаннас болҕомтотун тардыы буолар. Нэһилиэккэ бас-көс, биллэр, бастыҥ уопсастыбанньыктар сөбүлүүр кинигэлэрин оҕолорго доргуччу ааҕан биэрэллэр.

Быйылгы аахсыйа Саха сиригэр  Ийэ дойдуну көмүскээччи сылыгар ананна. Бүгүҥҥү акциябыт ааҕааччыта Өргүөт нэһилиэгин сэбиэтин депутата Павлова Тамара Гаврильевна буолар.

Тамара Гаврильевна “Дьоруой уолаттарбыти” кинигэттэн Арассыыйа Дьоруойа Алексей Неустроев туһунан ааҕан иһитиннэрдэ.

«Кинигэ күүһэ» аахсыйаҕа кыттыбыт оҕолор туоһу сурук туттулар.

Оҕолорбут барахсаттарга кэпсээн ааҕыыта, ыытар тэрээһиннэрбит уонна алыптаах кинигэлэрбит бу курдук өйдөрүгэр-сүрэхтэригэр иҥэн, дойдуларын таптыыр, историятын билэр бэриниилээх дьон үүнэн тахсыахтара диэн эрэнэбит. Кинигэ күүһүнэн оҕону сайдыылаах, култууралаах, үөрэхтээх, киэҥ өйдөөх-санаалаах киһи гына иитэн таһаарыаҕыҥ, кинигэни ааҕыы туохха да тэҥнэспэт үчүгэй дьарык буоларын умнумуох.