Доруобуйа күнэ Өргүөккэ

Балаҕан ыйын 23 күнүгэр Өргүөккэ доруобуйа күнүгэр аналлаах тэрээһиннэр тэрилтэлэринэн буоллулар.

Оскуолаҕа зарядка ыытылынна.

“Туллукчаан-от ” оҕо уһуйааныгар. Оҕолор зарядкалаатылар уонна оҕуруот аһын туһунан иитээччи Тюпина Галина Вячеславовна билиһиннэрдэ, моркуобунан салаты амсайдылар.

Библиотекаҕа.

Аҕам саастаахтарга остеохондроз профилактикатыгар Шишонин гимнастиката уонна японскай лимфодренажнай гимнастика буолла.

Балаҕан ыйын 23 күнүгэр Өргүөккэ «Нация кроһа – 2025» күргүөмүнэн сүүрүү ыытылынна. Оскуолаттан саҕалаан кулуупка диэри кросска 35 киһи кыттыыны ылла.

ону тэҥэ сынньалаҥ киинигэр зарядка, флешмоб буолла. олохтоохтор көхтөөх кыттыыны ыллылар.