Ийэ күнүн бэлиэтээтибит

Истиҥ тыллаах эҕэрдэ,
Баҕа санаа бастыҥа
Бүгүҥҥү күҥҥэ ананар-
Күн күбэй ийэлэргэ,
Далбар мааны хотуттарга,
Маннык үтүө куннэр
Быстыбакка куруутун
Эргийэ турдун эһиэхэ
Кэрэттэн кэрэ,
Үөрүүттэн үөрүү,
Дьолтон дьол.
Үтүө кэрэ бэйэҕит
Кэхтэр диэни билимэн,
Сырдык, сылаас санааҕыт
Сылаанньыттын күн сирин !!!

Алтынньы 19 күнүгэр Саха Сиригэр ийэ күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күн чэрчитинэн

Өргүөт нэһилиэгэр Т. И. Петров аатынан орто оскуолатыгар “Ийэҕэ махтал” тематическай биэчэр буолла.Араас күрэхтэр буоллулар ол курдук ийэ туһунан хоһоон айыытыгар, “Подарок маме” уруһуй күрэҕэ, кылаастарынан видеоролигынан эҕэрдэлэр, ону таһынан “Ийэҕэ махтал” ийэ оҕотунаан күрэҕэ буоллулар.

Өргүөт сынньалаҥын киинигэр

“Ийэ -дьиэ кэргэн иэйэхситэ” ийэ күнүгэр аналлаах декада буолан ааста. Алтынньы ый 13 күнэ: нэдиэлэ күннэрин дьүһүнүнэн таҥныы 🤳🏻”Мамы в тренде” хаартысканан кыттыы күрэх
💃🏻 Понедельник ⚫️ “Понедельник день тяжёлый”
💃🏻 Вторник 🔵 “Вторник это маленький шаг к выходным”
💃🏻 Среда 🟡 “Среда это как середина пути уже не начало, но ещё не конец”
💃🏻 Четверг ⚪️ “И пришла к нам чистый четверг”
💃🏻 Пятница 🔴 “Пятница это просто РАЙ”

⚜️ Алтынньы ый 14 күнэ: “Ийэ – дьиэ кэргэн чөл туруга” күнүс 12 чаастан “ЙОГА – БАЛАНС ТЕЛА И ДУШИ”💆🏻‍♀️

⚜️ Алтынньы ый 15 күнэ: “А ну-ка мамочки” көрдөөх оонньуу
⏰ Күнүс 16:00 чаастан
🎊 Спорт саала уораҕайа

⚜️ Алтынньы ый 16 күнэ: “Ийэ кичэйэн оҥорбут кэрэчээн оҥоһуктара” гиипсэттэн оҥоһук оҥорууга маастар кылаас.
👩🏻‍🎨 Маастар – Саргылаана Семенова
⏰ Күнүс 14:00 чаастан
🎊 Олохтоох КСК дьиэтэ

⚜️ Алтынньы ый 17 күнэ: “Ийэ баар күндү киһи” Өргүөт нэһилиэгин ийэлэригэр сынньалаҥ биэчэр
⏰ Киэһэ 19:00 чаастан
🎊 Спорт саала уораҕайа
🌞”ИЙЭЭ, ЭЙИЭХЭ БЭЛЭХ УУНАБЫН”🌞 Өргүөт нэһилиэгин бука бары ийэлэригэр Өргүөт эр хоhууннарыттан сүүйүүлээх оонньуу (лотерея).

Ийэ күнүн декадатын түмүгэ алтынньы 17 күнүгэр “Ийэ баар күндү киһи” Өргүөт нэһилиэгин ийэлэригэр сынньалаҥ биэчэринэн түмүктэннэ. “Сааскыйа” эдэрдэр уонна “Омуннаахтар” орто саастаах кэрэ аҥардар түмсүүлэрэ эҕэрдэ ырыалары, үҥкүүнү бэлэхтээтилэр,остуол сервировкатыгар күрэхтэстилэр, Юрислав Гольдеров ийэлэргэ ылбаҕай ырыаларын бэлэхтээтэ. Өргүөт нэһилиэгэр өр сылларга үлэлээбит, нэһилиэк общественнай үлэтигэр элбэх сыратын биэрбит Степанова Раиса Егоровнаҕа Өргүөт бочуоттаах олохтооҕун аатын ылбытынан “Бочуоттаах олохтоох” түөскэ кэтиллэр знагы үөрүүлээх балаһыанньаҕа специалист Николаева Марина Леонтьевна туттарда. Өргүөт нэһилиэгин бука бары ийэлэригэр Өргүөт эр хоhууннарыттан сүүйүүлээх оонньууга хас биирдии ийэ бириис ылан үөрдүлэр-көттүлэр.Күн күбэй ийэлэрбитигэр кэрэ киэһэни, умнуллубат түгэннэри бэлэхтээбит дьоммутугар, КСК коллективыгар барҕа махтал тылларын этэбит.

Өргүөт модельнай библиотеката. Алтынньы ый 16 күнүгэр тарбаҕар талааннаах Захарова Анастасия Капитоновна ротанганан сибэкки иһитин өрүүгэ бэртээхэй маастар кылаас ыытта.

Күн-күбэй ийэлэргэ баҕарабыт чэгиэн доруобуйаны, чөл туругу, алаһа дьиэҕитигэр, дьиэ кэргэҥҥитигэр байылыат олоҕу, сир үрдүгэр баар бары үтүөнү, кэрэни!