“Комсомольцы против Молодежи 21 века” квиз оонньуу

Бүгүн алтынньы 30 күнүгэр Өргүөт модельнай библиотекатыгар “Комсомольцы против Молодежи 21 века” квиз оонньуу буолла. 3 хамаанда кыттыыны ылла. Квиз оонньуу алта түһүмэҕин түмүгүнэн 1 миэстэ – “Омуннаахтар”, 2 миэстэ -“Орлята”, 3 миэстэ – “Сааскыйа”буоллулар. Викторина боппуруоһугар эппиэттээтилэр, комсомол туһунан сахалыы хоһоону нууччалыы переводтаатылар, комсомольскай агитационнай плакат оҥордулар, комсомол орденнарын билистилэр, хаһыатынан пилотка оҥордулар. Оонньуубут сорудахтарын көхтөөхтүк толордулар, билиилэрин хаҥаттылар.

Комсомолец аатын сүгэ сылдьыбыттары бука барыгытын Комсомол күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Баҕарабыт энчирээбэт эрчими, уҕараабат уйгуну. «Төлөннөөх сүрэххит кырдьары билиммэккэ, өрүүтүн сырдыгынан сыдьаайа сырыттын!» диэн бастыҥ баҕа санаабытын тиэрдэбит.