Дапсы дьыктаана. Биһирэм тыл күнэ.

Үөһээ Бүлүү улууһугар сэтинньи 6 күнэ — «Биһирэм тыл күнэ».
Саха тыла чөл туруктаах буоларын туһугар элбэх сыратын биэрбит лингвист-учуонай, публицист, поэт, литературнай кириитик Мэхээлэ Бөтүрүөбүс Өлөксүөйэп — Дапсы төрөөбүт күнүгэр анаан сэтинньи 6 күнүгэр «Биһирэм тыл күнүн» иитинэн «Дапсы дьыктаана» аахсыйа ыытылынна. “Дапсы дьыктаана” Өргүөт модельнай библиотекатыгар буолла. Барыта 12 киһи кыттыыны ылла . 11 киһи дьыктаан суруйда. “Туйгун суруксут”- 8 киһи, “Үчүгэй суруксут” – 3 киһи буоллулар, добун суругунан бэлиэтэннилэр.