
Сэтинньи 20 күнүгэр Өргүөт нэһилиэгин “Туллукчаан-от” оҕо уһуйааныгар кыстыыр чыычаахтарга анаан уһуйаан иитээччилэрин кытта Өргүөт модельнай библиотеката кыттыһан айылҕаны, кыра кэрэ чыычаахтары харыстыырга аналлаах “Татыйык чыычаах” күнэ ыытылынна. Оҕолор бэркэ интэриэһиргээн кыстыыр чыычаахтары билистилэр, таабырын таайдылар, чыычаах туһунан хоһоон аахтылар, чыычаахтар саҥаларын таайдылар, чыычаах хамсаныыларын оҥордулар, барабыайдар тустарынан мультфильм көрдүлэр. Ийэлэрин кытта оҥорбут оҥоһуктарын көрдөрдүлэр. Чыычаахтар кыһын аһы булаллара олус уустук, сири хаар бүрүйэн от сиэмэтин, отоннору сиир кыахтара суох буолар, ол иһин чыычаахтар кыһыны тот, тоҥмокко туоруулларын туһугар тымныы кэмҥэ кыра доҕотторбутугар – чыычаахтарга – хайдах көмөлөһүөхпүтүн сөбүй диэн чыычаах остолобуойун (кормушкалары) билистилэр, тугу аһатар сөптөөҕүн биллилэр, Чыычаахтарга сиэмэ бурдук, подсолнух сиэмэтэ, куруппалары хайдах уурарга үөрэннилэр. Кыһын устата оҕолор төрөппүттэрин кытта кормушкаларын көрөн-истэн, татыйык чыычаахтары аһатыах буоллулар.








