Арассыыйаҕа – Ийэ күнэ

Сэтинньи 27 күнүгэр дойду үрдүнэн Ийэ күнэ бэлиэтэнэр.

Ийэ таптала саамай сылаас, саамай күндү, саамай эппиэти эрэйбэт күүстээх. Күндү ийэлэр! Оҕоҕут сылааһыгар убанан, инникигэ эрэллээх, дьоллоох буоларгытыгар баҕарабыт. Ийэ күнүнэн итии-истиҥ эҕэрдэ!

 Сотору күүтүүлээх Саҥа Дьылбыт бырааһынньыга буолуо. Ийэлэргэ түбүктээх кэмнэр саҕаланаллар.  Эдэр ийэлэргэ иистэнньэҥ Иванова Марианна Николаевна саҥа дьыллааҕы мааска таҥаһын быһарга сүбэ-ама маастар кылаас ыытта. Иистэниэн баҕалаах эдэр ийэлэр оҕолоругар мааска тигэр выкройка оҥостон үөрдүлэр-көттүлэр. Киһи киһиттэн үөрэнэр, киһи сатаабата суох, онон маннык уоппут атастаһар, мустан олорон элбэҕи сатыахха,оҥоруохха сөп.