Ийэлэргэ-маастар кылаастар

Сэтинньи 29 күнүгэр Өргүөт модельнай библиотекатыгар ийэлэргэ маастар кылаастар буоллулар. Саҥа тэриллибит “Уран тарбахтар” куруһуокка Иванова Сардана Артамоновна оҕуруо тиһиитигэр хас даҕаны көрүҥүнэн тиһэргэ, киэргэл оҥорорго үөрэттэ. Куруһуокпут хас нэдиэлэ аайы субботаҕа сонунтан сонун сатабылларга үөрэнэргэ баҕалаахтарга үлэлиэ.

2026 сыл — Уоттаах Ат сыла.

Туяра Васильевна Васильева Үөһээ Бүлүүтээҕи “Тускул” киинин эбии дьарыкка специалиһа кэлэр сыл ымыыта уоттаах ат киэргэл тигэргэ, киэргэтэргэ маастар кылаас ыытта.

Бу күн, бары олус астынан оҕуруо тиһиитигэр үөрэнэн, кэрэ көстүүлээх кэлэр сыл ымыыта сылгычаан киэргэллээх, саҥа дьоҕуру баһылаан, үөрэн-көтөн тарҕастылар. Туяра Васильевнаҕа, Сардана Артамоновнаҕа маастар кылаас ыыппыттарыгар махтанабыт!