Өргүөт нэһилиэгин олохтоохторо анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар көмөлөрө

Анал байыаннай дьайыыга сылдьар хорсун буойуннарбытын, биир дойдулаахтарбытын өйүүр соруктаах көмөнү оҥоруу салҕанар. “Төрөөбүт дойду тыына, ийэ илиитин сылааһа” — ханнык да саллаакка саамай күндү, күүс-көмө буолар. Нэһилиэкпит олохтоохторо биир санаанан сомоҕолоһон, уолаттарбытыгар анаан ыһаарыламмыт балык, араас бурдук аha астаатылар.Төрөөбүт дойдуларын аһа туохтааҕар да күндү уонна минньигэс буоллаҕа. Уолаттарбыт эйэлээх олоххо этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэрин туһугар куруук маннык түмсүүлээхтик үлэлиэҕиҥ-хамсыаҕыҥ, бэйэ-бэйэбитигэр күүс-көмө буолуоҕуҥ.