
Аан дойдутааҕы дьахталлар күннэрин көрсө, саха сиригэр норуот маастарын күнүнэн Өргүөт кэрэ аҥардарыгар анаан кулун тутар 5 күнүгэр Өргүөт модельнай библиотекатыгар “Аптаах иннэ” Өргүөт нэһилиэгин уран тарбахтаахтарын быыстапката тэрилиннэ. Быыстапкаҕа кэрэ эйгэни төрүттүүр, үтүө эйгэни үйэтитэр айар-тутар дьоҕурдаах уран тарбахтаах биир дойдулаахтарбыт Тюпина Галина Вячеславовна, Захарова Мариана Иосифовна, Дмитриева Галина Ивановна, Сидоров Владимир Прокопьевич оҥоһуктарын олохтоохтор сөҕө махтайа көрдүлэр.






Ону таһынан маастар кылаастар буоллулар. Норуот маастара Галина Вячеславовна Тюпина быысапка араас көрүҥнэригэр үөрэттэ. Кылынан, сиэлинэн дьарыктанар Галина Ивановна Дмитриева кылынан өрүү көрүҥүн, түөрт утаҕынан өрүүнү көрдөрдө, үөрэттэ, сүбэлээн-амалаан биэрдэ, иистэнньэҥ Марианна Иванова “Тапталлаах таҥаһым иккис тыына” таҥаһы саҥардан биэриигэ, уларытан быһыыга, тигиигэ маастар кылаас ыытта .




Аан дойду дьахталларын, Саха сиригэр норуот маастарын күннэрин көрсө ыытыллыбыт тэрээһиннэргэ
көхтөөх кыттыыны ылбыккытыгар махтанабыт!
Үйэттэн үйэҕэ номоххо киирбит
уус өбүгэлэрбит үтүө дарыктарын утумнаан,
ситимнэрин салҕаан, эһиги бааргыт
үйэлээх оноһуктары айааччылар!
Үтүө үгэһи үйэтитэн, өбүгэ ситимин быспакка,
Айар-тутар талааҥҥыт аар саарга аатырдын!
Түөрт үйэ тухары талба талааҥҥыт
Үүнэ сайда турдун!
Тоҕус үйэ тухары дойду сир үрдүнэн
дьон-сэргэ сэҥээриитин ыла турдун!